Перевод с якутского
ыллам
даҕааһын
Нууччалыы чуткий, отзывчивый
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Омолоев ыллам баҕайытык кэпсээбитинэн барбыта. Далан Павел көмүскэл эбэтэр сүбэ көрдүү кэлээччигэ ыллам, сэргэх бэйэлээх киһи. ХС Кырдьаҕас таҥас өрөөччүлэр кинилэр кыһалҕаларын бэркэ өйдүүр, ыллам хаһаайыннарын сүрдээхтик хайгыыллара. М. Горькай (тылб.)
2 даҕааһын #
Киһи тылын ылынымтыа, ылбаҕай
Нууччалыы Чуткий, отзывчивый
3 даҕааһын #
Дьоҥҥо эйэҕэс-сайаҕас сыһыаннаах, үтүө майгылаах
Нууччалыы Добродушный, благожелательный
Олус ыллам майгылаах, Омун-дохсун тойуктаах Олоохуна дьоннорун Оонньууларын таптыыбын. Л. Попов Киһи дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс, ыллам сыһыана хайҕанар. ЭК Эн, Давыдов өйдөө, сэриигэ эрэ киҥнээх буолар үчүгэй, киҥ сэриигэ көмөлөһөр, оттон хорутууга эйэҕэс буолуохха наада, сир наҕыл, ыллам буолары таптыыр. М. Шолохов (тылб.)
4 даҕааһын #
Аллаах, соруйары истимтиэ, улгум (көлө туһунан)
Нууччалыы Быстроходный, ходкий (обычно о лошади в упряжке или под седлом)
Ыллам ат барахсан айаннаан дьигиһитэн истэ. И. Никифоров Ыллам сырыылаах аттар тэлиэгэлэрэ бөҕө-таҕа, таҥнастыгаһа суох буолуохтаах ХС
5 этии #
Нууччалыы Быстрым темпом, шагом (идти, продвигаться в сторону осуществления чего-л., исполнения какого-л. дела). [Биригэдьиирдэр] үлэ тэрээһинигэр итэҕэстэр, инники ыллам хардыынан барары мэһэйдиир харгыстар баалларын ыйбыттара
Этиилэр
Ыллам хардыынан
туох да мэһэйэ суох иннин диэки дьулурҕатык (баран, сайдан ис – хол.
, туох эмэ олоххо киириитин толоруллуутун этэргэ) КПИ УТДь. "Якутмебель" холбоһук кэлэктиибин үлэтэ-хамнаһа итинник күннэтэ кэҥээн, ыллам хардыынан инники дьурулуйар. "Кыым". Ср. кирг., алт. ылдам ʽбыстрыйʼ, бур. илдам ʽмилый, ласковыйʼ