ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ылсыс

туохтуур

Нууччалыы крепко держаться с кем-л

Ис хоһооно · 5
I

1 #

ылыс I диэнтэн холб. туһ. Мэхээчэ күн аҥаара атыыга барыахтаах таһаҕаһы ыскылааттан ылсыһан сыарҕаларга тиэйистэ. ПНИ ИС

2 #

Кими эмэ кытары ыга тутус

Нууччалыы Крепко держаться с кем-л. (напр., за руки)

  • Сибиэтэлээх Хабыычча илии илиилэриттэн ылсыһан, күлэ-үөрэ, күөрчэхтэнэ эргичийбэхтээтилэр.
    П. Аввакумов
  • Бөһүүкэлиир астардаах, Бүтэй Бүлүү эбэбит Туттаарытта толоонугар Тоҥолохтон ылсыһан Долгулдьуйа хаамсыаҕыҥ!
    С. Васильев
  • Эһиэхэйдьиттэр төгүрүк хонуу ортотугар хас даҕаны түһүлгэни тэрийэн, хоннох-хоннохтон ылсыһан, илии эргийэ сылдьаллар
    И. Никифоров
II

3 туохтуур #

Тугунан эмэ күүскэ дьарыктан, дьарыктанан бар

Нууччалыы Браться, взяться за что-л. усердно, рьяно

  • Сопхуос салалтата быйыл от хомуурун эрдэ бүтэрэргэ саамай сөпкө ылсыста.
    П. Аввакумов
  • Ынахтарын майгыларын аны билэн, ыаһыҥҥа хорсун соҕустук ылсыстылар.
    В. Яковлев
  • Сэрии быдан инниттэн, отутус сыллартан саҕалаан, аҕыс оҕолоох мин эһэм Семён Никифоров оҕонньор оҕолорун үөрэттэриигэ ылсыспыта
    Чолбон
III

4 туохтуур #

Ыарыыламмакка салгыы үүнэн, улаатан, силигилээн бар (хол., оҕуруот аһын арассаадатын буорга көһөрбүт кэннэ)

Нууччалыы Прижиться, приняться (напр., о растении)

  • Бастакы икки нэдиэлэ устата биэрэс ылсыһара, үүнэрэ бытаан буолар. ФНС ОАҮүС. Олорпут кэннэ хаппыыста арассаадатын үөн сиэн эбэтэр кыайан ылсыспакка өлөн көҕүрээччи. СГС ОАКЭ. Баклажан сыылбатык да буоллар сэбирдэхтэнэр, сэбирдэхтэрэ, умнаһа күп-күөх буоллахтарына үүнээйи ылсыспытынан барар
    ЕАМ ББКП

5 туохтуур #

Ама буолан, үтүөрэн бар

Нууччалыы Выздоравливать, поправляться, вылечиваться

  • Эмээхсинэ Өксүүн быйыл эмтэнэн син ылсыста быһыылаах, хотонун, дьиэтин икки ардыгар маҥан былаата биир кэм кылбаҥнаан олорор
    ХС

«Ы» буукуба