ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түһүс

туохтуур

Нууччалыы энергично браться за что-л., налегать на что-л

1 туохтуур #

Тугу эмэ хап-сабар, түргэнник оҥор

Нууччалыы Энергично браться за что-л., налегать на что-л

  • Тогойкин сүүрдэ, Вася кини кэнниттэн түһүстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Омурҕаннаан бүтэн отчуттар үлэлэригэр түһүспүтүнэн бардылар.
    В. Протодьяконов
  • Үрүҥ дуйдаах сылабаар төгүрүк остуолга итии буруонан бургучуҥнуур, хоноһо сүөгэйдээх лэппиэскэҕэ түсүһэр
    Л. Попов

2 этии #

  • түс I диэнтэн холб. туһ. Оҕустар эмиэ күрдьүөттэспэхтээн баран, түсүһэн кэбистилэр.
    Далан
  • "Хата, олоруохтааҕар кыратык түһүспэппит дуо?" - Ньүкэн хаартытын тардырҕатар.
    Суорун Омоллоон
  • Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттара кини хоһооннорун, саха суруйааччыларын кытта түһүспүт хаартыскатын бэчээттээбиттэрэ. И. Федосеев

Этиилэр

Илин-кэлин түһүс көр илин-кэлин

  • Мин атым Чылбыаны кытта илин-кэлин түсүһэн кэлбитэ.
    И. Федосеев
  • Көбүөргэ сэттэ-аҕыс араа-бараа тустууктар илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
    НЕ ТАО

«Т» буукуба