Перевод с якутского
ылыбырат
ылыбыраа диэнтэн дьаһ. туһ. Оҕонньор илимиттэн балачча собону ылыбыратан ылла. Дьиэлээх дьахтар балыгын сорҕотун хас да үтэһэҕэ үөлэн ылыбыратан баран, умайа турар оһох холумтаныгар кэккэлэччи анньыталаата. А. Бэрияк Балык кэлбит сибикитэ биллибэтэҕиттэн, холбойон субуллар ийэни икки уол дьабадьытыттан бобо харбаан ылан, ууттан ороон ылыбыраппыттара. Н. Борисов