Перевод с якутского
ылыс
Нууччалыы возражать, давать достойный отпор кому-л
1 #
ыл диэнтэн холб. туһ. Аҕабынаан ол күнү туура муус ылыстым. М. Попов
2 #
көр ылсыс I
3 этии #
Сыҥааҕын анныттан ылыс кэпс. – кимиэхэ эмэ сөптөөх харданы биэрэн ис, утарылас, күүскэ ааҕыс Кинээһи ситэ саҥарпакка ким эрэ сыҥааҕын анныттан ылыста. М. Доҕордуурап.
Нууччалыы Возражать, давать достойный отпор кому-л. (букв., хватать его за челюсть)
Илии илиилэриттэн ылсан төгүрүйэ сылдьаннар сааскы кэми айхаллаан бүлүүлүү үҥкүүлээтилэр. Амма Аччыгыйа Хас да киһи сиэттиһэн, хоннохторуттан ылсан төгүрүччү турдулар. Болот Боотур Хатыҥнара да уратылар, мааны кыргыттар илии-илиилэриттэн ылсан үҥкүүлээн эрэллэригэр маарынныы, лабаа-лабааларыттан тайанса үүммүттэр. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
көр ылсыс II. Кини обургу ылыста да ыпсарыы бөҕө, сонно тута бэйэтинэн баран көһөрөн аҕалбыта.
Н. ЛугиновЧурапчылар ылыстылар да, ыыппат дьон. "Чолбон". Саха омук эмтиир үгэһин, итэҕэлин наука билиитигэр-көрүүтүгэр олоҕуран үөрэтэргэ, быһаарарга ылысталлар, олус сыаналаах матырыйаал буолуох этэ. ЧМА ЭТНББ
Этиилэр
Соҕотохто нууччалыы буолсубут,
Ипатий сыҥаах анныттан ылса олордо.
"ХС".
Ылсан кэбис
кимниин эмэ күүскэ этис, ысыһан кэбис.
Поругаться с кем-л. в пух и прах.
Агаша Павелга сүрдээҕин абара санаата, саҥаран-иҥэрэн ылсан кэбиһээри гынан баран, нэһиилэ кыатанна. В. Протодьяконов Бастаан Кирилл Кузьмич күлэ-сала кэпсэппитэ, онтон улам-улам мөккүөрдэрэ күөдьүйэн барбыта, кэлин этиһэн, букатын ылсан кэбиспитэ. "ХС"