ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ындыы

аат тыл

Нууччалыы поклажа, вьюк, перевозимый на спине вьючных животных, а также сума для такой поклажи

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Көлө ыҥыырыгар ууруллар, ыҥыырдыллар таһаҕас уонна ол таһаҕаһы хаалыыр, үксүгэр тирии хаа

Нууччалыы Поклажа, вьюк, перевозимый на спине вьючных животных, а также сума для такой поклажи

  • Аттары ындыыларын түһэрэн, бууталаан мэччитэ ыыппыппыт.
    Далан
  • Маппыр аҕатыттан үс ындыы түүлээҕи ылан, онтун кистии барбыта.
    Л. Попов
  • Бу кыракый мусуойга киһи сэҥээрэ көрөрө элбэх: таба ыҥыыра, таба саҥыйах, сайыҥҥы түнэ сон, этэрбэс, түнэттэн тигиллибит ындыы
    Болот Боотур

2 аат тыл #

Ханна эмэ ханнык баҕарар көлөнөн тиэрдиллэр таһаҕас

Нууччалыы Поклажа, груз, перевозимый на любом транспорте

  • Артиллерия сэллээтэҕинэ, буомбаһыт сөмөлүөттэр ыар ындыыларын өстөөх төбөтүн оройугар сүөкээбиттэрэ.
    А. Данилов
  • Ындыынан саамай наадалааҕы – мээккэ бурдугу, тууһу, кэнсиэрбэлэри эрэ таһаллара, онон ас аччаабыта. В. Ажаев (тылб.)

3 аат тыл #

Ааспат-арахпат ыарык-баттык, сүгэһэр

Нууччалыы Тяжесть, бремя. [Кэргэниэм] Чэпчэтиэҥ дуо хоп ыарыытын, Кырдьар сааһым ыар ындыытын

  • Олох диэн онон түү буолбатах – Ытык, ыар ындыы, сүгэһэр. Эллэй. Эбэтэр сүрэх-быар ындыыта буолбут санаалар суоллара эбитэ дуу?
    С. Федотов

4 этии #

Этиилэр

Ындыы көтөх

таһаҕаһы көтөх диэн курдук (көр көтөх I).

  • Кинээһиттэн уурайан баран, бэдэрээттэһэн, ындыы көтөҕүүтүнэн дьарыктаммыт. Саха сэһ. 1977. Тэҥн. ырдыы. Ср. ДТС арчы ‘седельный ранец’; артыҕ ‘одна половина вьюка, противовес’, уйг. артуш ‘навьючивание’

«Ы» буукуба