ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыпсар

туохтуур

Нууччалыы плотно подогнать, приладить, чтобы одно к другому подходило по размеру

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Икки аҥыы тус-туспа сылдьар тугу эмэ бэйэ-бэйэлэригэр ыга сыстыһар гына оҥор эбэтэр эпсэри сыһыартаан холбоо

Нууччалыы Плотно подогнать, приладить, чтобы одно к другому подходило по размеру

  • Ууруллубут эркини ыпсаран, улахан, үөл сүллүгэһинэн саайан биллиргэтэллэр.
    Д. Таас
  • Ыпсыытын үчүгэйдик ыпсаран, сыыптаан, муохтаан оҥоһуллар быһыт ампаар тирэҕин маһын суон бэрэбинэлэртэн бэлэмнээтилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Маннык улахан иһити сиик өппөт, уу тэстибэт гына ыпсаран, тигэн, ыаһаан оҥорорго улахан сатабыл, уран тарбах наада
    НБФ-МУу СОБ

2 туохтуур #

Хомоҕойдук, лоп-бааччы сааһылаан, өйдөнөр гына саҥар, хоһуй, кэпсээ

Нууччалыы Говорить, воспевать, рассказывать складно, образно, выразительно

  • Саха киһитэ кутун-сүрүн туттарбыт, ырыатыгар ыпсарбыт, хоһоонугар холбообут өрүһэ – улуу Өлүөнэ.
    Н. Якутскай
  • Биһиэхэ, сахаларга даҕаны араас итэҕэһи-быһаҕаһы көр-күлүү оҥорон сатаан ыпсаран кэпсиир дьоннор бааллар. ПП ЭЭД. Оҕо тыллары сөпкө сааһылаан, ыпсаран бэйэтэ этии оҥоруутугар ыарырҕатар
    ОМЕ БМЫ

3 туохтуур #

Кимнээҕи эмэ бииргэ ыҥыран көрсүһүннэр, булсуһуннар, билсиһиннэр

Нууччалыы Свести, познакомить кого-л. с кем-л., помочь встретиться или сойтись

  • Уруурҕаһыннарбыт улуу-дьаалы буолан, Урууга угуйуллар; Ыпсарбыт ытык киһи буолан, Ыҥырыыга сылдьар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Омуннаах Уйбаан:] Мин эн тускун Бүөтүрү кытта сүбэлэстим. Сатанар буоллаҕына кини ыпсарыах буолла
    Н. Неустроев

4 туохтуур #

Тугу эмэ оннун-олоҕун буллар, сиһилээн быһаар, ситимнээн саас-сааһынан оҥор

Нууччалыы Положительно решить какое-л. предприятие, добиться его благополучного исхода, благополучно довести всё до логического завершения

  • Наада буолтугар, ыгылыйбакка туран барытын быһааран, орун-оннун буллартаан, ыпсаран кэбиспитэ.
    В. Яковлев
  • [Микииппэр] Ылсыбыт дьыалатын ыпсаран баран биирдэ тэйэр, киһи киэнэ киргиллээҕэ.
    Күндэ
  • "Үлэҥ боппуруоһун ыпсаран кэбиһиэх. Бостуой санааҥ уларыйа сылдьыа," – диэтэ Иван
    Э. Соколов

5 туохтуур #

Киһиттэн (кимтэн эмэ) ылбыт иэскин төлөө

Нууччалыы Расплатиться с долгами. [Кулуба:] Дьэ, доҕоор, хайатын даҕаны Бокуруопка ыпсарыаҥ

  • Эн буолан оттон биэрээ инибин.
    Н. Неустроев
  • Икки хонукка мииммиккэр, икки элии атыыр этинэн толунуоҥ. Сааһыҥ тухары сатаан ыпсаран, киһиттэн туһанар буолбут киһигин. Болот Ботур. [Харбаатай:] Бии иэскин хаһан ыпсараҕын?
    Л. Габышев

6 этии #

Этиилэр

Икки хараҥаны ыпсар (силлиһиннэр) көр икки I

  • Икки хараҥаны ыпсаран үүнээйи эгэлгэтин үүннэрэллэр ахан да онтуларын хомуйааттарын кытары кэлэн былдьыыр кэриэтэ тутан бараллар.
    Н. Лугинов
  • Ийэлээх аҕабыт үлэ дии-дии, икки хараҥаны ыпсараллар.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (2)
  • Оччолорго үлэһит илии тиийбэт буолан, холкуос үлэтигэр икки хараҥаны ыпсараллара, эр киһи үлэтин бүүс-бүтүннүү үлэлииллэрэ.
    В. Иванов
  • Ср. хак. чапсыр ‘клеить, склеивать, приклеивать, прилеплять что-л. ’

«Ы» буукуба