ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырааһырт

Нууччалыы сделать чистым, свежим, освежить

Ис хоһооно · 4

1 #

Салгыны чэбдигирт, дьэгдьит (этиҥнээх ардах, күөх от-мас туһунан)

Нууччалыы Сделать чистым, свежим, освежить (напр., о грозе)

  • Тэлгэһэни көҕөрдүү доруобуйаҕа улахан туһалаах, биллэрин курдук, күөх от-мас салгыны дьэгдьитэр, ырааһырдар. Дьиэ к

2 #

Эмтээх оттору туһанан кими, тугу эмэ дьаҥтан-дьаһахтан, дьиэҕин-уоккун куһаҕан дьайтан харыстаа

Нууччалыы Оградить, защитить, очистить свой дом и домочадцев от болезней, хвори и другой нечисти (обычно при помощи различных трав)

  • Өбүгэлэрбит кытыаны аһы-үөлү хаһаанарга, иһити-хомуоһу ырааһырдарга, ыарыыттан, дьаҥтан дьаһахтан харыстанарга, дьиэни-уоту ырааһырдарга туһаныллар
    ПАЕ ЭАБ

3 #

Өйгүн-санааҕын дьайҕарт, үтүөҕэ-кэрэҕэ туһулаа

Нууччалыы Освежить знания, прояснить

  • Ити курдук биир-биир аттаран иккиэн санааларын сыымайдаан, ырааһырдан, чочуйан баран, биир түмүккэ кэллилэр.
    В. Яковлев
  • Маннык хоһоон киһи иэйиитин үрдэтэр, санаатын ырааһырдар, үтүөнү-сырдыгы айарга көҕүтэр
    ЭСЭ

4 #

Кими эмэ буруйтан-сэмэттэн босхолоо, кырдьыгын буллар

Нууччалыы Оправдать, реабилитировать кого-л

  • Мин наһаа үөрдүм. Иванов Мирону, Гаврильев Макары эмиэ ырааһырдыбыттар.
    Б. Павлов
  • Бары буруйу барытын Варяҕа түһэрбитигэр, кыыһа барытын чиэһинэйдик кэпсээн биэрэн, Айтаны ырааһырдан таһаарбыттара
    Сэмсэ

«Ы» буукуба