ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырбаахы

аат тыл

Нууччалыы платье

English (clothing) (for women) a dress

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы платье

English (clothing) (for women) a dress

  • дьахтар ырбаахыта
    женское платьеa woman's dress

2 аат тыл #

Кылгас эбэтэр уһун сиэхтээх, иннинэн тимэхтэрдээх чараас соҕус таҥас (үксүгэр эр киһи киэнэ)

Нууччалыы Рубаха, рубашка, сорочка (обычно мужская). [Мэхээлэ:] "Киһиэхэ эрэ бэйэтин ырбаахыта этиттэн чугас" диэн нуучча өһүн хоһооно кырдьык эбит… А

  • Софронов. [Симон] хаар маҥан нейлон ырбаахытын нэлэккэйдэммит.
    Л. Попов
  • Пуд Ильич ырбаахытын устан баран, бууһурҕаччы тыына-тыына, чэйин иһэн бурулатар
    Далан

3 аат тыл #

Дьахтар ис таҥаһын таһынан кэтэр уһун тас таҥаһа, былаачыйа

Нууччалыы Женское платье

  • Микиитэ -- ийэтин илбирийбит ырбаахытыгар сөрөнөн хаалла.
    Амма Аччыгыйа
  • [Көстөкүүн] ойоҕун ырбаахытын сиэбиттэн күлүүһүн тылын былдьаан ылаары гыммыта ойоҕо биэрбэтэ.
    Күндэ
  • Балаакка аттыгар күөх ырбаахылаах биир дьахтар эргичиҥнии турар
    Т. Сметанин

4 этии #

Нууччалыы Родиться в рубашке

Этиилэр

Сүрэҕин ырбаахыта чараас көр сүрэх I

  • Биригэдьиир мөлтөх охсооччуларга сүрэҕин ырбаахыта чараас – олох сэмэлээбэт.
    ХС
  • Маайа кыыс ойуурга киирдэҕинэ сүрэҕин ырбаахыта чараас – олус куттанар.
    ХС

Уһун баттахтаах (суһуохтаах, ырбаахылаах) көр уһун

Убайа биир олус дьиибэ итэҕэстээх

уһун ырбаахылаахха олох чугаһаабат.

  • Р. Кулаковскай.

Ырбаахылаах төрөө

табыллымтыа, дьоллоох-соргулаах буол Нуучча өһүн хоһооно этэринии, ырбаахылаах төрөөбүтэ эрэ кинини тыыннаах хаалларбыта.

  • Е. Неймохов

5 этии #

Нууччалыы Надеваемая прямо на тело нательная рубаха, нижнее бельё

Этиилэр

Ис ырбаахы

сыгынньах эккэ, таҥас иһинэн кэтиллэр таҥас Нина аҥаардас ис ырбаахынан эрэ сиэркилэ иннигэр турар.

  • Ис ырбаахым илийэн баран, эппэр хам сыстан, иэммин аһытар.
    Т. Сметанин
  • Оҕонньор баккылаах ис ырбаахынан сүр хоһууннук тура эккирээн, ампаарын аанын тэлэйэ баттаата.
    С. Никифоров

Халадаай ырбаахы көр халадаай

  • Иннибэр эбэм -- хараҥа от күөҕэ өҥнөөх уһун халадаай ырбаахытын тэллэҕэ тэлээриҥниир.
    Н. Лугинов
  • Суон Даарыйа -- күөх халадаай ырбаахытын сайбаччы -- кэппит.
    М. Доҕордуурап

Ырбаахы тэллэҕэ

ырбаахы, былаачыйа аллараа өттө.

Подол платья.

  • Уус Мандар ийэм ырбаахытын тэллэҕэр уонча дьэдьэни кутан кэбистэ.
    И. Гоголев
  • Өлөксөөс ырбаахытын тэллэҕинэн сототун суулана-суулана, саҥата суох олордо. А. Бэрияк

«Ы» буукуба