ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырбай

туохтуур

Нууччалыы растягивать, вытягивать губы во всю ширину в улыбке, смеясь, улыбаться

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Күлэн, уоһа кулгаахтарын эминньэҕэр тиийиэр дылы ырбайда.
    А. Софронов
  • Биир быраат, ырбайыаҕынан ырбайан, биһиги диэки хайыста. КК. Синньигэс киһи эмискэ кубарыс гынна, өмүттэн хаалла, ол эрээри сотору мичээрдээн ырбайда. А. Чехов (тылб.)

2 туохтуур #

Мичээрдииргэр, күлэргэр уостаргын ыртаччы тутун

Нууччалыы Растягивать, вытягивать губы во всю ширину в улыбке, смеясь, улыбаться

3 туохтуур #

Хайа барбыт курдук уһун хайаҕастаах буол, оннук хайаҕастан (хол., баас туһунан)

Нууччалыы Раскрываться продольной щелью, растягиваться в ширину, раздваиваться (напр., о ране)

  • Кини уҥа иэдэһэ биилээҕинэн туора быһа сотуллубут этэ гынан баран, тохтубут хаана хатан, билигин сиикэй эт ырбайа сылдьара.
    Далан
  • Оҕо аата оҕо, сотору били ырбайбыт бааһа үмүрүччү тардан оһон хаалла.
    С. Маисов
  • Ср. хак. ырбай ʽнадувать губыʼ, кирг. ырба ʽувеличиваться (напр., о ране)ʼ

«Ы» буукуба