ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырдьай

туохтуур

Нууччалыы скалить зубы, скалиться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Дьэргиэйэп күлэн ырдьайбытынан киирэн, Фокиҥҥа халыҥ дьаптал харчыны туттаран кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Аһыыбыттан-абабыттан ынырыктык ырдьайан ытыыр быһыылааҕым да, хараҕым уута тоҕо эрэ кэлбэтэ.
    С. Маисов
  • Көрүүй, ол бөрө тииһэ Киһи дьулайыах ырдьайар
    А. Кондратьев

2 туохтуур #

Илин тиистэриҥ килэйэн көстөллөрүн курдук уостаргын ыртаччы тутун

Нууччалыы Скалить зубы, скалиться

3 туохтуур #

Кыратык аппайа, сэгэйэ арыллыбыт курдук көһүн

Нууччалыы Быть раскрытым, разинутым, зиять

  • Күн ырдьайа киириитэ, үрэх сир анысхан тыына салгыйбытынан барда.
    Болот Боотур
  • Хандалы кылырҕаан ыыспаҕа ытыллан, Кыһыл эт ырдьайан, Өһөх хаан ыһыллан, Күннэри түҥкэтэх түрмэҕэ тиийбитэ. Таллан Бүрэ. Биллэ хараҥаран барда, арҕаа саҕахха эрэ бэрт синньигэс балаһа быһах биитин курдук кытарымтыйа ырдьайан көстөр
    ХС

4 этии #

Этиилэр

Ырдьаччы (ырдьайа) быһынна көр ырдьаччы

  • [Кууһума] хаартылаан сүүйэ-сүүйтэрэ сылдьан баран, ырдьайа быстан, хоргуйан ыспыраабынньык дьиэтин куукунатыгар киирэн чаҕар кыыска аһаан баран олорор. Эрчимэн. Киэһэтин бостуук түбүгүн бэйэбинэн амсайан ырдьайа быстан, ол эрээри бэркэ астынан төттөрү айаннаһан испитим.
    В. Васильев
  • Ср. ДТС йырыш ʽобнажать, оскаливать зубыʼ, алт. ырчай, хак. ырсай, письм. -монг. ирдьайи ʽскалить зубыʼ, монг. ярҕайх ʽобнажать ряд чего-л. (напр., зубы)ʼ

«Ы» буукуба