ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырыыһа

аат тыл

Нууччалыы верхняя одежда, облачение священника при богослужении, риза

1 аат тыл #

Аҕабыыт сулууспатын кэмигэр кэтэр уһун таҥаһа

Нууччалыы Верхняя одежда, облачение священника при богослужении, риза

  • Ньукулай аҕабыыт хара бүүрүктэрдээх ырыыһата күн уотугар кылабачыйара.
    М. Доҕордуурап
  • Сарсыарда аҕабыыт -- таһырдьа остуол тартаран, тэриэбэтин онно таһаарар, бэйэтэ ырыыһатын эҥин кэтэн эмиэ таһырдьа тахсар
    ХС

2 аат тыл #

Таҥара мэтириэтигэр мөссүөнүн, илиитин саппакка эрэ саба ууруллар, сиэдэрэйдик оҥоһуллубут чараас тимир киэргэл (хол., үрүҥ, кыһыл көмүстэн)

Нууччалыы Металлическая накладка на иконе, оставляющая открытыми только лицо и руки образа, оклад, риза

  • Таҥаралар ырыыһаларын, атын да көмүс сэптэри, үчүгэйдик кичэйэн биир сиргэ мунньуллуо.
    А. Софронов
  • Биир бэс сыгынньах хайаҕа, Ырыыһа курдук, сыа хаарынан киэргэнэн Аргыый суугунуу турара.
    И. Чаҕылҕан
  • Ырыыһа чөмчүүгэ уоттарга күлүмнүү, симэлийэ турара.
    М. Горькай
Өссө холобурдар (1)
  • Русск. риза

«Ы» буукуба