Перевод с якутского
ыс-тох
туохтуур
Нууччалыы разбрасывать, раскидывать что-л., наводя беспорядок, хаос
1 туохтуур #
Тугу эмэ ылан бэрээдэгэ суох быраҕаттаа, бурай, ыскайдаа
Нууччалыы Разбрасывать, раскидывать что-л., наводя беспорядок, хаос
Оҕолор мэниктээн дьиэлэрин ыспыттар-тохпуттар. Эһэ хараҕар көрбүтүн барытын урусхаллыыр, ыһар-тоҕор. Огдо. Оҕолоро барахсаттар, соторутааҕыта быыкаа дьон, ыһан-тоҕон, аһаан ботугурата олороллоро хараҕар субу баар Г. Нельбисова
2 туохтуур #
Истибиккин, билбиккин искэр туппакка, аһаҕастык, дьоҥҥо барытыгар кэпсии сырыт
Нууччалыы Бездумно молоть языком, с удовольствием делиться с кем-л. услышанным, увиденным
Бу өйдөөтөхпүнэ, убайдар испиттэрин-аһаабыттарын туһунан кэпсээн-ипсээн, ыһа-тоҕо сылдьыбаттар эбит. ССС ОББ. Баар баара батарыа дуо, кэпсээн ыһан-тоҕон омуннуран барбыта. ЛНН АДь. Кини олус табыллан сылдьыбытын туһунан тохтоло суох кэпсээн, ыһан-тоҕон кэбистэ. ЕМП БС