ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыстар

Нууччалыы испортить, сгноить что-л.

этии

Нууччалыы Испортить, сгноить что-л. (до образования червей)

  • ыс диэнтэн дьаһ. туһ. Оҕоҕо дьиэни ыстарыма.
  • Олохтоохторго бурдукта ыстарыахха, сибиинньэтэ, кууруссата ииттэриэххэ. Ойуку. Оҕуруоччуттар ноһуом ыстарар икки массыыналаахтар. ФНС ССХА. Былыттаах күн, ардах түспүтүн эбэтэр уу кутуллубутун кэннэ ыһыыны ыстарар ордук. "Кыым"
  • уунан саба ыстарбыттыы (саба ыстарбыт курдук) көр уу I. Николай Маша сэһэнин истэн баран, тымныы уунан саба ыстарбыттыы, этэ-хаана тымныйталаан ылла.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
  • Түөкүттэр тымныы уунан саба ыстарбыт курдук дьигиһис гыннылар уонна ойуурга ойуоккаластылар.
    У. Ойуур
  • Силип этэ-сиинэ барыта тымныы уунан саба ыстарбыт курдук дьырылыы, дьигиһийэ түстэ.
    ЖЕА ТС

Этиилэр

Үөҥҥэ (чиэрбэҕэ) ыстар

тугу эмэ сатаан харайбакка сытыт-ымыт (үөннүрүөр диэри) Эттэрин үөҥҥэ ыстарбыттар.

  • Маҥнай утаа биһиги билбэккэбит, оту үчүгэйдик куурдубакка сарахыта-сарахыта сиргэ бугуллаан, үрүҥ чиэрбэҕэ ыстаран турабыт. КМП ДьБ

«Ы» буукуба