Перевод с якутского
ытааччы
аат тыл
Нууччалыы стрелок.
English shooter
1 аат тыл #
Тугунан эмэ үчүгэйдик сатаан ытар киһи
Нууччалыы Стрелок. Маны көрөн, быраата ытааччы буолбутуттан Маһарах эмиэ үөрдэ. Эрилик Эристиин. Ытааччытынан даҕаны соччо куһаҕана суох, ардыгар көтөн иһэр куһу бэрт хапсаҕайдык күөрэтэн түһэрээччи. В. Протодьяконов. Кинилэр хас да үчүгэй ытааччыны эбии ылан, үс бөлөххө хайдыбыттара. Д. Кустуров
2 этии #
Нууччалыы Стрелок из лука, стрелок-лучник
Этиилэр
Бэргэн ытааччы көр бэргэн
Сыалын табан бастаабыт Бэргэн ытааччы аатырбыт Бэйэбит ыччаппыт. Саха нар. ыр. III. Биһиги бэргэн ытааччыларбыт ахсаана күнтэн күн аайы элбээн иһэр. М. Тимофеев Бэргэн ытааччылары талан, снайперскай оскуолаҕа ылбыттара. В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
Оҕунан ытааччы спорт. – оҕунан ытыыга күрэхтэһэр спортсмен Иккис миэстэҕэ Мэҥэ Хаҥалас оҕунан ытааччылара таҕыстылар. "Кыым"