ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ытарчалыы

Нууччалыы крепко, плотно, тисками (хватать, держать кого-что-л

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Кырааннар булуоктары ытарчалыы кытаахтаан таһаараллар.
    А. Фёдоров
  • Аккаастанаары илиитинэн садьыаланан көрбүтэ да, анараа эристиин ытарчалыы харбаабыт.
    Е. Неймохов
  • Ытарчалыы хам тутуута төһө кытаанаҕын күлүүһү тардаргар билэҕин
    ПАЕ ЭАБ

2 #

Төлө ыыппат гына; ыпсары, хам (кими, тугу эмэ ыл, тут)

Нууччалыы Крепко, плотно, тисками (хватать, держать кого-что-л.)

3 #

Нууччалыы Как в тисках (держать – напр., о мыслях, чувствах)

  • Ааһар күннэр улам баттаан, куту-сүрү көтүтэр санаа-оноо ытарчалыы ыбылы кууһан истэ.
    Н. Борисов
  • Куттаныы, уолуйуу, кэлэнии, кэмсинии – барыта кинини түүрэ кууста, ытарчалыы ытырда
    СҮК

Этиилэр

Олус күүскэ, ааһан-араҕан биэрбэттии (куус

хол.

  • , санааны, иэйиини этэргэ)

4 этии #

Нууччалыы Зажать в тиски кого-что-л., лишая свободы действий

Этиилэр

Ытарчалыы ыл (ыллар)

1) ханна да ыыппат, төлөрүппэт гына кими, тугу эмэ кыһарый, күөмчүлээ Биир күн эккирэтиһии үлүскэнигэр, тула өттүлэриттэн ытарчалыы ылларбыттарын биирдэ өйдөөбүттэрэ. Н. Лугинов. Улам-улам ытарчалыы ылан, ыган, тастан кэлэр көмөнү быһан бэриннэрии этэ. А. Данилов. Сотору Колчак былааһа Саха сирин ытарчалыы ылбыта. Н. Габышев; 2) кими, тугу эмэ ыпсары, хам ыл (хол., айылҕа күүһүн, ыарыыны этэргэ).

Сковать, прихватить кого-что-л. (напр., о холоде, боли).

  • Саха сирэ таһырдьа тахсыбыт киһини ытарчалыы ыбылы ылар аам-даам тымныытын ким билбэтэ баарай!
    Н. Якутскай
  • Нартаахап өндөйөн үнүөхтээн эрдэҕинэ, абытай ыарыы ытарчалыы ыга ылла. Софр. Данилов. Индигиир эбэ хотун икки кытылларынан кыдьымах муустарынан ытарчалыы ыга ыллара, кылыгырыы, будулуйа уһунна. Ф. Филиппов

«Ы» буукуба