ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ытарча

аат тыл

Нууччалыы тиски, клещи

1 аат тыл #

Уһанарга тимири биитэр маһы ытыртаран тутар чыскы курдук тэрил

Нууччалыы Тиски, клещи (столярные)

  • Ытарчалар хас биирдиилэрэ чурумчулаахтар, олору инчэҕэй талаҕынан оҥоһуллар. ЧАИ СБМИ. Холобур, ытарчаҕа ытыртаран туран тимири аалаллар, быһаҕы биилииллэр. СНЕ ӨОДь. Бэрэстээктэргэ бытархай тимир оҥоһуктарынан дьарыктанарга тимир ытарчалар уонна дуоскалар оҥоһуллубттар
    ЭК

2 аат тыл #

Итии иһити (хол., хобордооҕу) бүүрүгүттэн ытыртаран тутар тэрил

Нууччалыы Ухват. Хаҥас диэки хобордоох, ытарча, лаппаакы тыаһа лыҥкынас, кылыгырас буолла. Д. Токоосоп. Валя нуучча оһоҕуттан чугуун иһити уһун мас уктаах тимир ытарчанан иилэн таһаарар. Е. Неймохов. Сэнэх таҥастаах эмээхсин ытарчанан нуучча оһоҕуттан күөс таһаара турар. НТГ СУоС

3 аат тыл #

Туох эмэ кыһалҕа, төлөрүйбэт хабала

Нууччалыы То, что угнетает, лишает свободы действий, кабала

  • Кини олоҕор мэлдьи кырыымчык соҕуһа, тиийиммэт-түгэммэт ытарчатыгар мөхсөрө.
    Н. Габышев
  • Саха интэлигиэнсийэтин чаҕылхай, чулуу дьонноро Сталин репрессиятын ытарчатыгар ыбылы хаптарбыттара биллэр. Доосо. Олох кытаанах ытарчата күүппэтэх өттүлэриттэн ыга ылаары гыммыт курдуга. "Чолбон". Ср. тюрк. ызыр ‘кусать, прикусывать’

«Ы» буукуба