ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыттыы

сыһыат, аат тыл, аат

Нууччалыы по-собачьи

Ис хоһооно · 4
I

1 аат #

ытын I диэнтэн хай. аата. Сиэнньэ колокуонньа эрэһээҥкитин тас өттүгэр тахсан, күчүмэҕэй ыттыыны оҥорон барда. Эрилик Эристиин. Литература саҥа кэрдииһигэр ыттыы ыарахан этэ. КНЗ ОТК.

Этиилэр

Кирилиэһинэн үөһэ ыттыы

үрдүккэ тахсыы, дьоһун ситиһии бэлиэтэ.

  • БРИ ТТ
II

2 #

Ыт курдук; ыкка маарынныырдык

Нууччалыы По-собачьи; как собака

  • Суор оҕото Соллой арыт ыттыы үрэн ньаҕыйар. И Федосеев. Оҕо сылдьан кус кэтээн, дурдаҕа соҕотох баата сону саптан, ыттыы титирээн хонорбут
    Чолбон

3 этии #

Нууччалыы Совершить подлость (букв. вести себя как собака)

Этиилэр

Ыттыы быһыылан

сидьиҥ, сиэргэ баппат быһыыны оҥор Эдэр сылдьан кини ыттыы быһыыланан турардаах. "ХС". Ыттыы өлбүт кэпс. – өлүө суохтаах суолугар, быстахха өлбүт.

Погибнуть ни за что, бессмысленно, умереть как собака.

  • Кур түү курдук анньан кэбиһэммин, ыттыы өлөн хааллаҕына, туһам туох буолуой?
    Саха фольк
  • Дьаакып, кэбис, барыма, таах ыттыы өлөрөн кэбиһиэхтэрэ.
    Д. Очинскай
Өссө холобурдар (1)
  • Туох акаары киһигиний, эйигин үрүҥнэр ыттыы өлөрөн кэбиһиэхтэрэ.
    Ф. Захаров

Ыттыы үөх

кими эмэ араастаан үөх, ыыстаа.

Ругать кого-л.

  • на чём свет стоит (букв. браниться как собака).

Киһини кэнниттэн ыттыы үөҕэ сылдьар

олус куһаҕан быһыы.

  • Киниэхэ ыттыы үөхтэрэр санаам суох. "ХС"

4 этии #

Ыттыы харбаа кэпс. – илиилэргин ууттан таһаарбакка эрэ харбаа Оҕолор ууга ыттыы харбаан чомполоноллор. Дима ыттыы харбаан, атаҕынан ууну биллиргэтэн, уҥуоргу кытылы нэһиилэ булар. Күрүлгэн. Ыттыы харбааһын успуорт. – илиилэргин ууттан таһаарбакка эрэ харбааһын. Плавание брассом (не вынося руки над водой). Соторутааҕыта ыттыы харбааһыҥҥа күрэх буолбута

Нууччалыы Плавать брассом (не вынося руки над водой)

«Ы» буукуба