Перевод с якутского
ыттый
Нууччалыы взбеситься, озвереть
1 #
Наһаа кырыктан, суостан-суодаллан, кыыллый (өстөөҕү этэргэ)
Нууччалыы Взбеситься, озвереть (о враге)
Ньиэмэстэр ыттыйан тураллар, оннооҕор биирдиилээн киһини сөмөлүөтүнэн эккирэтэллэр. И. Никифоров Мин үрүҥнэртэн дьиксинэн эрэбин, олус ыттыйбыттар. С. Ефремов Фашистар төһө да ыттыйбыттарын иһин, кинилэри дохсун уот сабыта биэртэлээбитэ БКТЭ
2 #
Тугу да гынаргын кэрэйбэт, саатар сирэйэ суох буол
Нууччалыы Потерять стыд, обнаглеть
Ыттыйбыт эрэ киһи байар буолтун кэннэ, куһаҕаннык быһыыланабын диэн туттунан турбатах бэйэм ини. Софр. Данилов. Көҥүл олох кэллэ диэн дьон олус да ыттыйдылар, киһи киһини аһыммат үйэтэ. Т. Находкина Киһи ырыынакка аҕыйах күн үлэлээтэ даҕаны, ыттыйар эбит. ЭКС АА