Перевод с якутского
саат
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы стыд
English shame
Ис хоһооно · 11
1 аат тыл #
Нууччалыы стыд
English shame
саатыттан сирэйэ итийэр лицо горит от стыдаhis face burns with shame саакка киир пристыдить кого-тоto shame
2 туохтуур #
Нууччалыы стыдиться; смущаться
English to be ashamed, to be embarrassed
кини саатар ему стыдноhe is ashamed сааппат он бесстыжий и бессовестныйunashamed, shameless, etc.
3 туохтуур #
Нууччалыы слепнуть от света
English (of the eyes) to be blinded (by light)
киһи хараҕа саатар сырдыга свет бьёт в глазаa light that dazzles one's eyes
4 туохтуур #
Туохха эмэ куһаҕаннык, дьон сирэрин курдук быһыыланаҥҥын олус кыбыһын, улаханнык кэлэнэ-кэмсинэ, буруйдана санаа
Нууччалыы Испытывать чувство стыда от неблаговидности своего поступка, стыдиться. [Сайсары:] Киэбирбэтин, -- билигин бэйэтэ саатыа маннык көрүҥнээх киһини куоракка тиэйэн иһэриттэн
Ыалдьыты кытта төһө да истэҕинэ холуочуйбат, кэпсэлэ киирэр уонна тоҕо эрэ дьэ бэйэтин кэпсэнэр, дьиэтинэн эҥин өҥнөр. Онтуттан саатан сарсыарда тоҥуйа-тоҥкурууна киирэн соһутар. Н. Габышев Кылааһын бүтэрбэтэх кыбыстыылаах сонунун ийэтигэр киирэн этиэн саатта Т. Сметанин
5 туохтуур #
Тугу эмэ оҥоруоххун кимтэн эмэ толун, кыбыһын
Нууччалыы Стесняться, смущаться, робеть перед кем-чем-л
Саха сааппат, ыт харбат (өс хоһ.). Хомсомуолланан дьэ хайдах буолуой, тугу оҥоруой? Биир тылы саҥарарыттан саатан өлөөрү гынар. Болот Боотур "Хайа да түһүлгэҕэ сааппакка ыллыах киһи эбиккин, мин эрэйдээх тосту хаалбыт эбиппин", - диэтэ Маппый Эрилик Эристиин
6 туохтуур #
Улахан сырдыгы утары кыайан көрүмэ, көрбөт буолан хаал (киһи эбэтэр харамай хараҕын этэргэ)
Нууччалыы Не выносить яркого света, быть ослеплённым (о глазах)
Күн туундараҕа дьиктитик чаҕылыччы тыкпыт сырдыгар киһи хараҕа саатар. Н. Заболоцкай Хараҕа саатан, быһыта симмэхтээтэ. М. Попов Күн диэки көрдөхпүнэ, хараҕым саатар, кыайан көрбөппүн. Н. Тарабукин (тылб.)
7 туохтуур #
Кэлэр кэмҥэ уонна сэрэтэр киэпкэ, атын туохтуур буолбат форматын кытта ситимнэһэн, "ону баҕас кыайан оҥоруоҥ суоҕа" диэн үөхсүү өйдөбүлүгэр туттуллар
Нууччалыы В форме будущего времени и возможного наклонения в сочетании с отрицательной формой другого глагола употребляется в значении "вам не удастся это сделать"
Хайа, булан таһаарымына саатаайаҕын. Н. Неустроев Чэ, бачча дууһаны барытын кырган барбатаххына саатыаҥ! Амма Аччыгыйа
8 этии #
Нууччалыы Бесстыдный, наглый; ни стыда, ни совести
Саатар сирэйэ суох (сирэйэ сааппат, сирэйдээх буолан сааппат) - сааты-сууту саныыр кэрээнэ, суобаһа суох Саатар сирэйэ суох киһи. Ити курдук майгыгыттан-быһыыгыттан сирэйдээх буолан сирэйиҥ саатыа дуо?! А. Софронов Сирэйиҥ сааппат эн, сатана уола! Амма Аччыгыйа
9 этии #
Саатар эт (сэп) кэпс. - эр киһи эбэтэр дьахтар ууһатар уоргана Ср. др. -тюрк. йачан, с. -юг. йоат ‘стыдиться’
Нууччалыы Половой орган мужчины или женщины
10 аат тыл #
Туох эмэ куһаҕаны, дьон сирэрин, сиргэнэрин оҥорортон улаханнык кыбыстыы; кыбыстар санаа
Нууччалыы Чувство стыда, стыд; позор
Дьахтар саата улахан (өс ном.). Бар дьоҥҥо саат диэн аахсыллыбат буолбут быһыылаах. Амма Аччыгыйа Дьон айатыгар өлбүт куобаҕы тыытаҥҥын сааты оҥороойоҥуй. Амма Аччыгыйа Омук-өһүк дьоҥҥо ыҥырыллан ыһыахха барарыгар суос-сатыы барара эмиэ саат, дьэ ол иһин айаҕалыы сатаан тиҥэһэ аты тутан баайда Эрилик Эристиин
11 этии #
Нууччалыы Совершить что-л. постыдное, осрамиться, опозориться. [Дьүһүнүнэн үчүгэй уол төрөөтөҕүнэ] Сардаҥалаах сырайдаах, -- Самалдьыгас майгылаах Саҥас урууларын Саатабыла буолан, Саҥа ыччат дьоҥҥо Саакка барыаҕа
Саакка киир (бар) - бэйэҕэр сааты, сааттааҕы оҥоһун, саакка түбэс
Өксөкүлээх ӨлөксөйТуох буолан туора дьон балааккатыгар сыбыытыыгыный? Саакка киирэн хаалаайаҕыный! П. Ламутскай Саакка киллэр (ыыт) - киһи саакка киирэрин оҥортор, саакка түбэһиннэр. Θ Выставлять кого-л. на позор, навлекать на кого-л. позор, дискредитировать кого-л. Тыһы кырынаас курдук ньыламан маҥан сирэйигэр ымсыырдан, үс улуус үтүөлэрин оҕолорун барыларын саакка киллэртээтэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (6)
Ээ, айдаараайаҕын! Киһини саакка ыытан... В. Гаврильева Сааккыттан таҕыс - кэрээҥҥиттэн тахсан сааты санаабат буол. Θ Наглеть, терять чувство стыда, становиться бесстыдным. Ыстаарыста букатын саатыттан тахсыбыт киһи.
А. ЧеховСаатта куттар эргэр. - онно суоҕунан саакка киллэрбитин, холуннарбытын иһин киһиттэн үбүнэн-аһынан төлөбүрдэ ирдээн ыл. Θ Брать плату, компенсацию с кого-л. за моральный ущерб, оскорбление чести и достоинства. [Хотуна эмээхсин] халыымын иэстиир, өссө ордугун саат куттарар, ыстарааптатар дуу үһү. А. Сыромятникова Эн, Чомчоор, миигиттэн биир ийэ таба уон удьуорунан саат куттаран ылан байаары ол-бу буолан кубулуна тураҕын буолбат дуо?! П. Ламутскай Саатта кутун эргэр. - киһини холуннарбытыҥ, онно суоҕунан саакка киллэрбитиҥ иһин үбүнэн-аһынан төлөбүрдэ төлөө. Θ Платить кому-л. за оскорбление, причинение морального ущерба. Саат куттаммын, биир кур оҕустаахпын бэрик биэрэн, [кинээһи] нэһиилэ ыыттым. М. Доҕордуурап Ср. тодж. йат, тув. ыйат ‘стыд’