Перевод с якутского
ытырыык
даҕааһын
Нууччалыы имеющий обыкновение, привычку кусать, кусачий
1 даҕааһын #
Киһиэхэ тииһинэн түһэр, киһини ытырар (үксүгэр ыт туһунан)
Нууччалыы Имеющий обыкновение, привычку кусать, кусачий (обычно о собаке)
Сылгыһыт Сүөдэр хантан эрэ ытырыык ыты аҕалан, тиэргэнигэр босхо ыытта. И. Гоголев Эн ханна эрэ ытырыык ыкка ытырдардыҥ дуу, хайдаҕый? Уустаах Избеков. Аан ыаҕас саҕа күлүүһүнэн хатаммыт, аттыгар ытырыык ыт баайыллыбыт. Н. Туобулаахап Сорох сылгы ытырыык буолар эбит дии Күрүлгэн
2 этии #
Нууччалыы Растение со жгучими стеблями и листьями, крапива жгучая
Ытырыык от бот. – киһи этин аһытар хатыылаах умнастаах уонна сэбирдэхтээх, күөх кыра сибэккилээх үүнээйи Ол кэмҥэ кинилэр ийэлэрэ ытырыык от утаҕыттан муҥха таҥмыта. Доҕордоһуу т. Ордук ытырыык от, тарыыһа, ача от, уулаах эрбэһин, хатыы от үүнэллэр. ВДИ ҮөКОБҮ. Ытырыык от саҥа тахсыбыт сэбирдэҕинэн дьиэ көтөрүн аһаталлар. ЭДА АДЭ. Ытырыык эрбэһин бот. – киһи таҥаһыгар хатанар хатыылаах сиэмэлээх сыыс от. Θ Сорная трава с цепкими колючими шишечками, липучка. Оннук арыы сирдэргэ арай хатыылаах ытырыык эрбэһин үүнэн атыгыраан турар буолар. Амма Аччыгыйа Бүрүүкэтигэр ытырыык эрбэһин туораахтара хатаммытын ытыһынан дьукку аста. А. Фёдоров Кыһанан-мүһэнэн ыспыт сэлиэһинэйиҥ быыһыгар ытырыык эрбэһин тахсан кыһытааччы. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Ср. др-тюрк. ысырҕан ‘злой, кусачий’