Перевод с якутского
ытыр
туохтуур
Нууччалыы кусать
English to bite; bite
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы кусать
English to bite; bite
ыт ытырар собака кусаетсяthe dog bites
2 туохтуур #
Тугу эмэ тиискэр кыбытан ыга, хам тут
Нууччалыы Стиснуть, крепко держать что-л. зубами
Ийэ саһыл, оҕолорун саҕаларыттан холбуу ытырбытынан, бара турда.
Суорун ОмоллоонТатыйаас ытыахча буола-буола кыатанна, аллараа уоһун ытырда. М. Доҕордуурап Аҕалара нүксүйбүт уҥуохтаах, хатыҥыр, өрүү табаҕын туора ытыра сылдьар, саҥата суох киһи В. Иванов
3 туохтуур #
Тугу эмэ тиискинэн быһа ыстаа, алдьат; кими эмэ бааһырт
Нууччалыы Откусить что-л.; кусать, ранить зубами, укусить кого-л
Оттон биир кэпсээҥҥэ киһини ыт ытырбыт. Амма Аччыгыйа Анараа киһи бэрт кыраны эмти ытыран ылан, ыстаан, амтаһыйан көрөр. Н. Якутскай Көрө түспүтүм – сүүнэ улахан кымырдаҕас кэлэн, атахпын ытырбыт эбит.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Алаадьыны ылан быһа ытыран уһуннук ыстаан баран, биирдэ эрэ дьүккүк гыннаран кэбиһэр С. Маисов
4 туохтуур #
Кими, тугу эмэ эпсэри, хам ыл биитэр икки ардыгар кыбыт
Нууччалыы Захватить, зажать, прищемить кого-что-л
Өлүөскэ чэҥи-мууһу ытырбыт халҕаны саннынан аһан, тахсан барда. Эрилик Эристиин Тырамбаай аана икки өттүбүттэн ытыра түспүтүттэн, нэһиилэ төлө көппүтүм. А. Фёдоров Тиит силистэрэ тоҥ буору ытырбытынан, көлүөһэ курдук төгүрүһэн көстөллөр ХС
5 туохтуур #
Тугу эрэ ыһыктыма, бэйэҕэр иҥэрин (хол., сииги)
Нууччалыы Впитать, удержать что-л., сохранить (напр., влагу)
Тиит мас көтөҕөтүн ытырбытынан кыһыны көрүстэҕинэ, эһиилгитигэр кураан дьыл үүнэр. В. Протодьяконов Ардах сиигин ытырбыт оту сиилэстээтэххэ буорту буолбат дуо? Кыым
6 этии #
Нууччалыы Упрямый, неуступчивый, настойчивый
Этиилэр
Кумаар да сиэбитигэр (ытырбытыгар) холообот көр кумаар
Утарылаһан көрбүттэрин, кумаар да ытырбытыгар холооботулар. "Чолбон".
Күлгүн булкуйуом, көр күл II
[Бухатыыр:] Дьэ эбээт, доҕоттоор, Күлгүтүн булкуйуом, Көмөргүтүн ытырыам, Үөһэ-аллара туруҥ! ПЭК ОНЛЯ
Сымыһаҕын быһа ытыран көр сымыһах
Ыарыытын тулуйа сатаан хараҕын быһа симтэ, сымыһаҕын быһа ытырда. И. Гоголев Абатыгар сымыһаҕын быһа ытырар, иэдэстэрэ итийтэлиир. И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (1)
Сымыһахпын быһа ытыран баран, күүһүм баарынан сырбаттым. Т. Сметанин
Ытырбытын ыһыктыбат
эппитин төлөрүппэт, иннин биэрэ охсубат, дьирээ Дириэктэрдэрэ ытырбытын ыһыктыбат, ыстаабытын ыйыстан эрэ баран арахсар дьирээ оҕонньор этэ.
Биһиги киһибит ытырбытын ыһыктыбат киһи түбэстэ. ХС Попов айдаарсыбат да, өһөс уонна ытырбытын ыһыктыбат идэлээх. В. Быков
Өссө холобурдар (1)
Ср. др-тюрк. ысыр, тув. ызыр ‘кусать’