ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыҥырыа

аат тыл

Нууччалыы жалящее летающее перепончатокрылое насекомое, собирающее цветную пыльцу и перерабатывающее её в мёд, пчела

English bee

1 аат тыл #

Сибэкки сүмэтин хомуйан мүөт оҥорон таһаарар тигээйитээҕэр улахан кынаттаах көтөр үөн

Нууччалыы Жалящее летающее перепончатокрылое насекомое, собирающее цветную пыльцу и перерабатывающее её в мёд, пчела

  • Онон чөкчөҥө ыҥырыаҕа үтүөнү оҥорбута кэнники бэйэтигэр туһалаах буолбут.
    Суорун Омоллоон
  • Иэмэх солко Симэх окко Ыҥырыалар Ылластылар.
    И. Эртюков
  • Сарсыардааҥҥы халлааҥҥа ыҥырыа дыыгыныыра иһиллэр.
    АС

2 этии #

Этиилэр

Ыҥырыа уйатын тоҕо тарт

тураах (кымырдаҕас, тигээйи) уйатын тоҕо тарт диэн курдук көр тарт.

  • Дьэ ити түбэлтэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыта. Баартыйа оройкуомугар аадырыстанан үҥсүү суруктар түһэриллибиттэрэ.
    П. Степанов
  • Итинтиҥ өһүргэннэҕинэ өссө тэбиэһирэн барыан сөп, оччоҕо ыҥырыа уйатын тоҕо тартаҕыҥ ол. "ХС"

3 этии #

Этиилэр

Тойон ыҥырыа көр тойон

  • Кини алтан окко тугу эрэ көрдүү сылдьар тойон ыҥырыаны толло көрөн, тумна хаампыта.
    Далан
  • Мөп-мөкүнүк тойон ыҥырыа сибэккиттэн сибэккигэ көтөн дооҕунуур.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • Атын сибэккилэргэ, сэбирдэхтэргэ үрүмэччилэр, тойон ыҥырыалар, тигээйилэр олороллор.
    И. Сосин
  • Ср. тюрк. ары, аруу, ара ‘пчела’, якут. ыҥ ‘стонать’, ырыа ‘песня’

«Ы» буукуба