ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыһыктын

Нууччалыы опускать (крылья, ножки), устремляться вниз

1 #

Нууччалыы Опускать (крылья, ножки), устремляться вниз

  • ыһыгын диэнтэн бэй. туһ. Аҕыйах түгэн иһигэр адьас ыһыктынан, бүттүүн талбаарыйан ыларга дылы гынна.
    Н. Лугинов
  • Сарсыарда эрдэ уһугуннаҕына этин-сиинин ыһыктынара, оччоҕо биир-икки чаас нухарыйан ылара. Сэмээр Баһылай. Арыт ыһыктынан кэбиһэн тэмтэрийтэлээн ылара чаастатыйыах курдук буолбута. КАА АСС. // Көтөн иһэн кынаккын, атаххын намылытан, аллара ыытынан кэбис
  • Атыырдаах тыһы моонньоҕон, кынаттарын кэннилэригэр тылбыччы бырахпытынан, хара атахтарын ыһыктынан баран, Ньукуус олорор күөлүн туһаайбытынан куугунаан киирдилэр.
    В. Титов
Өссө холобурдар (2)
  • Көтөр дулҕа ортотун диэки намтаан кэлэн, кынатын, атахтарын ыһыктынна.
    Н. Заболоцкай
  • Хотой бөрө үрдүгэр кынатын ыһыктынан, суптурута түһүтэлии сылдьар
    В. Иванов

2 #

Өйүҥ-санааҥ кыараан, эрэлгин сүтэрэн кэлиҥҥитэ хайдах-туох буоларын кэрэйбэт буол (хол., олоххор буолар ыараханы тулуйбакка)

Нууччалыы Опускать руки, становиться безразличным к кому-чему-л., опускаться в отчаянии

  • Виктор Константинович ол тухары өрүү бэйэтин ыһыктыммакка көрүнэрэ-харанара.
    Болот Боотур
  • Кыыс миэхэ чугаһаабат буолбутугар эрэй бөҕөнү көрбүтүм, бэл үөрэхпэр ыһыктына сыспытым.
    П. Аввакумов
  • Киһилии дьон кэккэтигэр сылдьыан сөптөөх эдэр киһи ыһыктыннар ыһыктынан иһэрин көрүөххэ ыараханын ааһан, түктэри.
    МАС ТК

3 этии #

Нууччалыы Пасть духом, утратить желание действовать, впасть в уныние

Этиилэр

Ыһыктынан кэбис

1) санааҥ түс, туохха да кыһаммат, үчүгэйгэ тардыспат буолан хаал Киһи киҥ-наар буолан, ыһыктынан да кэбиһиэн, араас куһаҕаҥҥа да үөрэниэн сөптөөҕө. Э. Соколов. Ийэтэ ыһыктынан кэбиһэн олох сүүрүгүн хоту мэнээк устубатаҕа. "Чолбон". Эрэл санаата суох киһи ыһыктынан кэбиһэр, үтүөнү-мөкүнү араарбат буолан хаалар. А. Алдан-Семёнов (тылб.); 2) тута уолуйан, ыксаан хаал, эрэлгин сүтэр.

Терять надежду, паниковать.

  • Уубут адьас өрө анньан кэбистэ, Былатыаным уолуйан, ончу ыһыктынан кэбистэ бадахтаах. П. Аввакумов

«Ы» буукуба