Перевод с якутского
эбир
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы пигментное пятно, веснушка, щербина, выступающие на лице, теле человека
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Киһи сирэйигэр, этигэр тахсар тирии дьүһүнүттэн ордук хараҥа, атын өҥнөөх ханнык эмэ бээтинэ, чуоҕур
Нууччалыы Пигментное пятно, веснушка, щербина, выступающие на лице, теле человека
Ойоору олорор баҕа буутун курдук сантаҕар таныылаах, тэллэриттэҕэс уостардаах, буоспалаабыт эбирдээх сирэйдээх. Эрилик Эристиин Катя эбирдээх кылгас муруннаах, кэтит сирэйдээх, хараҥатыҥы халлаан күөҕүнэн сымнаҕастык диэличчи көрбүт кыыс. Амма Аччыгыйа Сабыстыбыт иэдэһигэр алтан харчы саҕа кыһыл эбирдэр көстүтэлээбиттэрэ. Л. Попов
Өссө холобурдар (7)
Кэсимиэтикэҕэ сүбүөкүлэ симэһинин көмөтүнэн сирэй эбирин сүтэрэллэр. ФНС ОС Сүөһү, кыыл тириитигэр, көтөр түүтүгэр баар уопсай өҥүттэн атын, үксүн хараҥа өҥнөөх бээтинэ. Θ Пятно, крапинка на шкуре животного, на оперении птиц. Сотору-сотору хара улардар, эбирдээх эрдэҕэстэр көтөн күлүбүрэһэллэр. Амма Аччыгыйа Кэнники сылларга сорох киис тириитин ис субатыгар хара эбир түһэр буолла. НС ХСБС. Биир кэлим сырдык өҥнөөх сылгыга бары миэстэтигэр туох да бэрээдэгэ суох үөһэттэн бырдаҥалатан саба ыһыллыбыт бөдөҥ эбир курдук атын өҥнөөх ойуулардаах сылгыны чуоҕур сылгы дэнэр АНД СӨДьИ Уйаҕа алта кыра күөх эбир сымыыт баар. Н. Габышев Кыталык аас кынатыгар Хара эбир кыырпахтаах. И. Гоголев Оһох үрдүгэр турар эбир чаанньык хаппаҕын төлүтэ мөҥүөлээтэ. Л. Попов Оҕонньордоох эмээхсин Олорбуттара үһү. Кинилэр биир эбир Кууруссалаах эбиттэр ХОКИО
2 аат тыл #
Ууга туох эмэ түспүтүттэн кэрэниистэнэн тарҕанар төгүрүк ии долгуннар
Нууччалыы Круги по воде, образующиеся при падении в неё какого-л. предмета
Уута долгуннуран, төгүрүк эбирдэр тула сырыстылар. Н. Заболоцкай Оо, дьикти, оо кэрэ да киэһэ! Элгээҥҥэ сүтэллэр эрэһэ Эбирдэр чуумпуну көрсүһэ М. Ефимов Эбир долгуннар муус хайыҥҥа тиийэн охсуллубуттара. С. Дадаскинов
Өссө холобурдар (1)
[Бөһүөлэк] соҕуруу өттүнэн улахан күөл эбир долгуннарынан дьирибинии сытар. ВС ҮҮДь. Днепр -- кэтит туорааһыннаах, эбир долгуннаах уута килэйэн көстөр НТГ СУоС
3 даҕааһын #
Эриэннии чуоҕурдаах, бээтинэлэрдээх
Нууччалыы Крапчатый, пёстрый, рябой
4 даҕааһын #
Ууга төгүрүк иилии тарҕанар (долгун)
Нууччалыы Расходящийся кругами (о волнах)
5 этии #
Нууччалыы Перисто-кучевые облака
Эбир былыт • биир кэлим буолбатах, сорох өттүнэн хараҥатыйан, сороҕор сырдаан көстөр быһыттаҕас былыттар бөлөхтөрө Сайыҥҥы халлааҥҥа эбир хара былыттар күөрэлэһэн таҕыстылар. М. Доҕордуурап Халлааҥҥа үөһэнэн устар чараас эбир былыттар [киирэн эрэр күн уотуттан] хаанынан кыыһаллар. Н. Габышев Эбир былыты быыһынан үөр хаас айманан ааһар. С. Окоёмов
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС евир ʽвращать, направлятьʼ, тур. евир ʽоблако, тучаʼ
6 #
эбир хамыйах көр хамыйах. Уҥа илиитигэр сиэллээх эбир хамыйаҕы туппут. Ньургун Боотур. Одуну ойуун кымыс баһан ылан, эбир хамыйаҕынан ыһан унаарыппыта. "Чолбон". Чабычах иһигэр сэттэ сиринэн маҥан сиэл баайан киэргэтиллибит айыыларга анаан кымыс ыһар эбир хамыйаҕы угаллара. СНЕ ӨОДь.
Этиилэр
Эбир ыһыах көр ыһыах
Былыргыттан быстыбат, Эргэ дьылтан эстибэт Эбир ыһыах ыһылынна. С. Зверев Туруу дойду оройун Тунаҕынан тупсаран, Туҥуй эбир ыһыаҕынан Туруоруохпут буоллаҕа! Саха нар. ыр. III