ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эйгэ

аат тыл

Нууччалыы то, что окружает, находится вокруг кого-, что-л

1 аат тыл #

Туох эмэ тулалааһына, тулаҕа туох-туох баара (хол., чугас эргиннээҕи барыта)

Нууччалыы То, что окружает, находится вокруг кого-, что-л

  • Ол турбиналар эргийдэхтэринэ, элэктэриичэстибэ үөскээн, боруобаттар устун ыстаансыйа дьиэтигэр тиийэн баран, бүтүн Бүлүү өрүһүн эйгэтин тухары тарҕаныахтаах.
    Суорун Омоллоон
  • "Хараххын ас, тоойуом. Бу тулалаан турар күөх эйгэни көрһ, – диэтэ учууталым Фёдор Степанович сөҥ саҥата.
    Н. Лугинов
  • Туналыйар ньуурдаах Өлүөнэ киэҥ эйгэтэ дьэрэлийэр
    Баал Хабырыыс

2 аат тыл #

Биир эбэтэр уруулуу идэлээх дьон кэккэтэ, уопсастыба хайа эмэ бөлөҕө, араҥата

Нууччалыы Совокупность людей, связанных одной профессиональной деятельностью или одинаковыми социально-бытовыми условиями

  • Оройуон сорох сүрүннүүр дьонун-сэргэтин, салайар эйгэтин миниэнньэтэ эмиэ миэнин курдук.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Хата, ол дойдуга научнай эйгэ киэҥэ бэрт буолан киһи сайдарыгар дэлэй кыахтар бааллара
    Н. Лугинов

«Э» буукуба