ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эйим

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы глубокая часть реки, речки, омут

I

1 аат тыл #

Өрүс, үрэх дириҥиир сирэ, чүөмпэтэ

Нууччалыы Глубокая часть реки, речки, омут

  • Эйим түгэҕэ көстүбэт: харааран дьэбилийэ сытар буолааччы.
    И. Данилов
  • Тээнэҕэ үөскүүр араас балыктар сайын тарыҥ сибиэһэй тымныы уутугар мунньустан сөрүүкүүллэр, кыһынын баай астаах-үөллээх дириҥ эйимнэрин дьиэ-уот оҥостон кыстыыллар.
    Я. Семёнов
  • Алаас илин сыырын кэтэҕинэн, дэриэбинэни аттынан "Таастаах" диэн улахан эйимнэрдээх таас үрэх сүүрдэр диэбит Софрон Данилов
    Багдарыын Сүлбэ
II

2 даҕааһын #

суолт., түөлбэ. Элбэх ахсааннаах, халыҥ (хол., аймах)

Нууччалыы Многочисленный (напр. о родне)

  • Хара Улар, Куртуйахтар – Халыҥ, эйим аймахтар. Хоҥ мэйиилэр буолбатахтар, Хоодуот, хоһуун барахсаттар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бу дьон, бэрт халыҥ уустаах-аймахтаах, эйим дьон эбиттэрэ үһү.
    Н. Якутскай
  • Үрдүбүнэн ааһан иһэр көҕөн эйим үөрүн күөрэтэн кэбистим.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. эвенк. хэюм, эйим, ёйёму 'талик' (выход тёплых ключей на речку); незамерзающий зимой речной плес)

«Э» буукуба