Перевод с якутского
эймэлэс
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы шуметь, галдеть, гомонить (о толпе), поднимать гвалт
1 туохтуур #
Суугун-сааҕын буол, айдаар-куйдаар (элбэх киһини этэргэ)
Нууччалыы Шуметь, галдеть, гомонить (о толпе), поднимать гвалт
Биримиэнэ саҕана тиэргэҥҥэ тахсан, саҥа-иҥэ бөҕөнү түһэрэн, сүүрэн-көтөн эймэлэһэбит. П. Аввакумов Үрдүбэр дьон саҥата эймэлэстэ. Т. Сметанин Үөрэх саҕаланан, оскуола иһэ эмиэ оҕо аймах саҥатынан эймэлэс буола түспүтэ ХС
2 даҕааһын #
Киһи тугу да кыайан араарыа суох курдук айдааннаах, суп-суугунас, сап-сааҕынас, (хол., дьон түмсүүтэ)
Нууччалыы Наполненный шумом-гамом
Киһи ханан да кыайан барыа суох курдук элбэх киһилээх болуоссат эймэлэс этэ. ХС Куйах, сарыал курдук күндэлэс, Хонууга аттаах дьон эймэлэс, Буору-күдэни бурҕатар. А. Пушкин (тылб.)