ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эймэн

туохтуур

Нууччалыы быть в сильном беспокойстве, волнении от чего-л. [Күһэҥэй:] Тукаам, Өлөн баран тиллэр – Бүтүн оҥоруулаах, Ситэ кэскиллээх, Эн дьоллоох кыыс эбиккин

1 туохтуур #

ан эмэ ис-искиттэн күүскэ айман, долгуй

Нууччалыы Быть в сильном беспокойстве, волнении от чего-л. [Күһэҥэй:] Тукаам, Өлөн баран тиллэр – Бүтүн оҥоруулаах, Ситэ кэскиллээх, Эн дьоллоох кыыс эбиккин

  • Эймэммит сүрэҕиҥ Эҕэрдэлии үөрдүн биэбэйиэм!.
    Суорун Омоллоон
  • Кыталыктаах биирдэ эймэннэ: Кыыс Хотун дьиэтигэр эргиллибит.
    А. Сыромятникова
  • Иркутскай дьоннорун ууларын уйгуурдан, тоҕо бу барабаан дарбыйда? Хаайыыга хандалы халыргыыр тыаһыттан Эт сүрэх эймэннэ!
    П. Филиппов

2 туохтуур #

Тохтоло суох ытаа, айман (кыра оҕону этэргэ)

Нууччалыы Плакать, капризничать (о ребёнке)

  • Дьиэҕэ икки ыйдаах кырачааным Эмиий көрдөөн эймэннэҕэ.
    С. Руфов
  • "Үүт дии-дии эймэнэриҥ бэрт. Айылааҕын, ити "Өрүөстээҕи" эн ыл. Оҕобор аныыбын," - диэтэ эбэтэ. Дьүөгэ Аныыстыырап. Өр-өтөр буолбата, дьиэҕэ оҕолор ытаһан эймэнэллэрэ иһилиннэ.
    ЧКС АК

3 туохтуур #

Туох эмэ иһин айманар курдук айдаанынан толорон кэбис (хол., көтөр саҥатын этэргэ)

Нууччалыы Наполнить шумом что-л. (напр., о криках пернатых)

  • Күөлгэ тыыраахылар тыкаахтаан омуннаахтык эймэнэллэр.
    С. Маисов
  • Хоптолор хаһыытаһаллара алаас үрдүнэн эймэнэн олорор.
    В. Протодьяконов
  • Биир кэм айан кустара быыһа-арда суох көтөн эймэнэллэр.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС еймэн 'робеть, стыдиться, стесняться', уйг. эймэнмэк 'стыдиться, стесняться, бояться'

«Э» буукуба