Перевод с якутского
айман
туохтуур
Нууччалыы быть в беспокойстве, в смятении, расстраиваться, тревожиться. [Ааныс:] Ийээ, эн олус айманыма эрэ!
1 туохтуур #
ан эрэ долгуйан сүпсүгүр, ыгылый, уолуһуй, ороһуй
Нууччалыы Быть в беспокойстве, в смятении, расстраиваться, тревожиться. [Ааныс:] Ийээ, эн олус айманыма эрэ!
Киһи сүрэҕэ-быара ордук хамныыр. Сэмэнчик баарына ити курдук айманнаххына, хайа, ол киһибит ордук айманыаҕа.
П. ОйуунускайКиэһээ ынах буолла. Чүөчээски син биир киирбэтэ. Дьоно айманнылар.
Суорун ОмоллоонЛоокуут айманар, санааргыыр буолбутун дьонуттан кистии сатыыра Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (5)
Долгуй, уолуһуй, ыксаа (санаа-оноо, дууһа туһунан). Θ Быть в душевном смятении, беспокойстве, волнении. Ньургустаана Сандаараба санаата олус аймаммыта. В. Протодьяконов Ардыгар санааргыам, санньыйыам - Аймаммыт дууһабын үөрдүөҥ дуо? Л. Попов Дабыыт сууттанан барыаҕыттан Даарыйа утуйар уута айманна И. Нуолур Долгуй, сатарый (социальнай көстүүлэр, олох туһунан). Θ Быть в тревоге, быть расстроенным, волноваться (о жизни, социальных явлениях). Бахсы тойоно кинээс буолан олордоҕуна, бу дойдуга сут-кураан дьыл буолан, от үүммэккэ бар дьон бэркэ аймаммыт. Саха фольк Эйэлээх олохпут айманан, Эмискэ алдьархай буолбута: Сидьиҥ фашистар соһумар Сэриинэн саба түспүттэрэ Күннүк Уурастыырап
2 туохтуур #
Эмискэ туохтан эрэ соһуйан, долгуйан улаханнык саҥа таһаар, айдаара түс
Нууччалыы Неожиданно, взволнованно заговорить; громко, тревожно заголосить, загомонить, завопить
"Абыраа, өрүһүй!" - диэн түҥнэстибит тыытын сыыһа-халты харбыы сылдьар дьахтар Наахараны көрөөт айманна. Т. Сметанин Ынах сүөһү ыксаан, Айманан маҥырыыра, Сылгы сүөһү хоргуйан, Сыһыы аайы охторо. Н. Степанов Халлааҥҥа туруйа хаһыытыыр, Үөр хаастар айманан ааһаллар. Дь Дьаҥылы
3 туохтуур #
поэт. Тыаһаан-ууһаан, эбэтэр тыыннаах курдук долгуйан көһүн (айылҕа көстүүлэрин туһунан)
Нууччалыы Издавать тревожные звуки; тревожно носиться (о природных явлениях)
Хара былыттар айманан тахсаннар киэҥ халлаан киэбин устун дьаарбайан бардылар. Эрилик Эристиин Ах баран иһиллии турабын Айманар долгун куугунун. С. Данилов Таас хайа тоҥ чэҥэ сүүрүккэ суулунна, Үргүбүт сылгылыы айманан уһунна С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Дьалкылын, булкулун (хол., убаҕас ас туһунан). Θ Переливаться, расплескиваться (о жидкостях). Ас амтанын тупсаралларынан, үүт үрдүн туталларынан, үрүҥ ас айманан буорту буолбатынан, дьүдьэйбэтинэн, хата итилэр [былыргы кымыс иһиттэрэ] улахан туһалаах иһиттэр буолуохтаах этилэр Күннүк Уурастыырап