ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аймаһый

туохтуур

Нууччалыы сильно беспокоиться, тревожиться в душе; внутренне пугаться, опасаться чего-л., предчувствуя что-л. недоброе

1 туохтуур #

ан эрэ ис-искиттэн долгуй, уолуһуй, айман; туох эрэ сибикиттэн сэрэнэн дьаархан

Нууччалыы Сильно беспокоиться, тревожиться в душе; внутренне пугаться, опасаться чего-л., предчувствуя что-л. недоброе

  • Күннүү күлэр оҕо сааска Аан маҥнайгы күлүк түстэ, Күүскэ тэбэр туҥуй сүрэх Аймаһыйа харааһынна.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Митрофан] Туохтан эрэ улаханнык аймаһыйбыта сирэйигэр-хараҕар билиннэ. Икки көмүскэтин толору уу-хаар баһан бычалыйан таҕыста
    П. Филиппов

2 туохтуур #

поэт., көсп. Долгулдьуй, сүүрүгүр, түллэҥнээ, аймаммыт курдук долгуй (үксүгэр өрүс, муора, долгун туһунан)

Нууччалыы Волноваться, колыхаться, бурлить (обычно о больших водоемах, волнах)

  • Муус будулҕан байҕал Муннугуттан бууралаата, Кытыытыттан кыыһырда, Түгэҕиттэн түөһүлүннэ, Анныттан аймаһыйда.
    П. Ядрихинскай
  • Арылыйар уулаах Аймаһыйар сүүрүктээх Амма эбэ хотун Аартыгар аарыгырда [сэрии уораана]. Саха нар. ыр. III. Бу аймаһыйа уста сытар Амма эбэм арылы дьэҥкэ иэннэрэ мин урукку олоҕум охсуулаах оломун умна иликтэр
    С. Федотов

«А» буукуба