Перевод с якутского
сиргэн
туохтуур
Нууччалыы испытывать отвращение к нечистоплотности, к чему-л. омерзительному, гадкому; брезговать
1 туохтуур #
Ким-туох эмэ кириттэн-хаҕыттан, сидьиҥиттэн, быртаҕыттан олус дьулай, абааһы көр
Нууччалыы Испытывать отвращение к нечистоплотности, к чему-л. омерзительному, гадкому; брезговать
Дьиҥинэн, оччоҕо киһи сиргэниэх быдьар олоҕо, кир-хах бөҕө этэ ээ, ааста эрэ диэн!
Н. ЛугиновСорохтор сүөһү үлэтиттэн толлоллор, хотонтон сиргэнэллэр. М. Доҕордуурап Оччоҕо аатырар Темза өрүс кирдээҕиттэн, кылы кырбаабыт курдук кыймаҥнас үөннээҕиттэн сиргэнэн турабын П. Филиппов
2 туохтуур #
Тугу эмэ абааһы көрөн, туохтан эмэ куттанан, үргэн өрө мөхсө түс, туора ой (сылгы, сүөһү туһунан)
Нууччалыы Пугаться, кидаться в сторону (о лошади, рогатом скоте)
Ата олбуор иһигэр туох эрэ сүөдэйэн турарыттан сиргэнэн, туора-маары садьыалаамахтаан ылла. Н. Заболоцкай Сиргэммит ынах муннун тыаһата-тыаһата, быатын быһаары тилирчэхтээтэ. В. Яковлев Атыыр оҕус сиргэнэн, муостаны үлтү лүһүгүрэтэн эркиҥҥэ өттүгүнэн сигэнэ туора туран кэбистэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Ср. тат. чиркану ‘брезговать; испытывать неприятные ощущения’