ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмиэ

сыһыат, холбуур, тыл

Нууччалыы снова; опять

English again

Ис хоһооно · 11

1 сыһыат #

Нууччалыы снова; опять

English again

  • бүгүн эмиэ хаар түһэр
    Сегодня снова идёт снег.It is snowing again today.

2 сыһыат #

Нууччалыы также; тоже

English also

  • мин эмиэ барабын
    я тоже иду.I'm going too.
I

3 #

сыһ

  • Бука, эмиэ тугу эрэ, тосту туораны соруйаары гыннаҕыҥ буолуо. Софр. Данилов. Ол оҕонньор ынаҕа эмиэ уолара буолуо.
    Күндэ
  • Куолубутунан биир киэһэ эмиэ кустуу киирдибит. Үһүөн тус-туспа тарҕастыбыт
    Т. Сметанин

4 #

Өссө төгүл, өссө; хаттаан, хат

Нууччалыы Ещё, ещё раз, в добавление, вдобавок к чему-л.; опять, снова

5 #

Ким, туох эрэ курдук, туохха эрэ маарынныырдык

Нууччалыы Тоже, так же, как и, также

  • Тогойкин эмиэ иһиллээн сэгэллэн турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҕолор эмиэ эбэлэригэр олус убаммыттара.
    Далан
  • Лоҥкууда хоту сиһигэр дүрбүөннээх үлэ салҕанан бара турда. Оттон өтөх сирдэри хорутааччылар үлэлэрэ эмиэ бэркэ барда.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС йемэ ‘и, также, ещё’, гаг. "ем, йем ‘и’
II

6 #

ыан т

  • Ол учууталлааҕы эмиэ тоҕо ыҥыран бэһирдиҥ? Хайа, балай эмэ саҥарар-иҥэрэр этиҥ дии.
    Н. Неустроев
  • “Оонньуох дьону, оҕолору, эмиэ тоҕо үүртэлээтиҥ?” – диэн Даайыс сэмэлиир соҕустук киһититтэн ыйытта.
    Н. Заболоцкай
  • [Варвара эмээхсин киирбитигэр Егор Егорович:] Хайа, бу эмиэ туохпут соһуллан киирдэ? Манна тоҕо кэллиҥ?
    С. Ефремов

7 #

Сөбүлээбэт, сүөлүргүүр сыһыаны көрдөрөр (сүнньүнэн ыйытыы ф-лаах этиилэргэ тут-ллар)

Нууччалыы Выражает неодобрительное отношение говорящего к содержанию высказывания (употр. в основном в вопросительных предл.)

8 #

Үгэргиир, сиилиир, сэниир сыһыаны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает иронию, презрение, осуждение говорящего относительно содержания высказывания (тоже мне!)

  • Бу эрэйдээх эмиэ киһи буоллаҕым буолан, дьон сиилээх-хоһулаах, эмиэ ырыа-оонньуу туомнаах диэн дэлби элэк-хаадьы гыныахтар этэ.
    П. Ойуунускай
  • [Кэтириис таҥаһы көрөр уонна:] Сандааран түһэн эмиэ таҥас бөҕө дии, сиидэ төрөөн.
    С. Ефремов
  • “Эмиэ хайа тойоммут кэллэҕэй?” – дии-дии Андриан түннүгүнэн көөртө Никифоров кинээс уолунуун эбиттэр
    М. Доҕордуурап
III

9 #

ситим т

  • Эмиэ да мас хайытар, эмиэ да дьаарыстыыр.
    И. Федосеев
  • Сороҕор кыыһыран ыйытар, сороҕор эмиэ сымнаан, намыын куолаһынан ыйытар, онтон эмиэ өрө көбдьүөрэр.
    Т. Сметанин
  • Тойоммут булкуллар-тэккиллэр – эмиэ да киириэн саныыр, эмиэ да кииримиэн баҕарар. Чэ, быһата, булкуур буолла
    А. Бэрияк

10 #

Саҥарааччы иккиттэн биирин чуолкайдыы сатыырын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает уточнение говорящим действий, о которых идёт речь в высказывании

11 #

Тэҥҥэ холбуур суолталаах ситим тыл быһыытынан ааҕар суолталаах уонна биир уустаах чилиэннэри, тэҥ суолталаах этиилэри, этии чаастарын холбооттуур

Нууччалыы Выступает как перечислительный союз, объединяющий отдельные члены предложения, части сложносочинённого предложения

  • Атынан, табанан айаннаан, Арыт уунан устан, Салгынынан даҕаны көтөн, Сатыы эмиэ сылдьан, Сылаас астан араҕан. Сылбай ууну быраҕан, Сибиир киэҥ иэнин кэрийдибит.
    С. Зверев
  • Өтөр буолаат инники иһээччилэр саҥа ырыаны саҕалаатылар: эмиэ да кырдал, эмиэ да хайа, эмиэ да туруйа, эмиэ да тураах туһунан. Софр. Данилов. Ыттыы эмиэ үрэр дииллэр, Ынахтыы эмиэ маҥырыыр дииллэр, Хас, хас тылы билэрин Хантан ким ситэн ааҕыай?!
    Т. Сметанин

«Э» буукуба