ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмпэрэлээх

даҕааһын

Нууччалыы выпуклый из-за высокой надбровной дуги

1 даҕааһын #

даҕ

  • Хабырыыс үрдүк эмпэрэлээх сүүһүн мырчыһыннарда.
    Эрилик Эристиин
  • Өйдөөн көрдөххө, эмпэрэлээх кэтит сүүһүн кэрдиистэрэ, уоһун уонна халтаһатын тула мустубут ойуу-бичик мыччырыттаҕастара ааспыт уһун олоҕо чэпчэкитэ суоҕун туһунан санаталлар.
    Л. Габышев
  • Эмпэрэлээх сүүстээх, киэҥ харахтаах хара бараан Митя Попов диэн уол арахпат буолбута
    П. Степанов

2 даҕааһын #

Томтоҕор ньуурдаах, лоппойон көстөр (киһи сүүһүн этэргэ)

Нууччалыы Выпуклый из-за высокой надбровной дуги (лоб)

3 даҕааһын #

Тимирчи олорор, оҥхоҕор быһыылаах (киһи хараҕын туһунан)

Нууччалыы Глубоко посаженные, запавшие (о глазах)

  • Эмпэрэлээх хараҕа, эбирдээх түөһэ барыта көстөргө дылы.
    Амма Аччыгыйа
  • Дириҥ эмпэрэлээх харахтара Юра төбөтүгэр хатанан ылаллар. А Фёдоров. Кини эмпэрэлээх хаһылыттыбыт бороҥ хараҕа, киһини таба көрбөккө, сүүрэлии сылдьар. Н. Островскай (тылб.)

«Э» буукуба