ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмпэрэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы крутой обрывистый берег; крутой спуск, обрыв

I

1 аат тыл #

Үрэх, өрүс хара сыыра; туруору сыыр

Нууччалыы Крутой обрывистый берег; крутой спуск, обрыв

  • Хайа дириҥ эмпэрэтин диэки кэннин хайыһан көрөн баран, дьулайда.
    Амма Аччыгыйа
  • Уотун одуулаан өөр-өр таалан олордоҕуна, арай кэннигэр эмпэрэ сирэйэ сууллан уу тыаһа өрө барылыы түстэ.
    Н. Лугинов
  • Дьэ, доҕоор, туох даҕаны тохтобула суох өрүс кытылын эмпэрэтин устун кулахачыйан түспэт дуо!
    Н. Якутскай

2 даҕааһын #

суолт. Үрдүк, туруору

Нууччалыы Крутой, отвесный

  • Эмпэрэ сыыр анныгар сытар күтүр улахан күөл хараҥа кытылларын кырбыыр тыаһа бүтэҥитик биллиргээн иһиллэрэ.
    Далан
  • Эмпэрэ дьаамалар Эргиччи хаһыллыбыттара. Хатыылаах боробулуохалар Хастыы эмэ хос тардыллыбыттара.
    С. Васильев
  • Үрэх диэки өттө эмпэрэ: үрдүк уонна туруору баҕайы, өҥөйөн көрдөххө, киһи куйахата күүрэр.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. эвенк. эмкэр, эмкурэ ‘высокий крутой берег’
II

3 аат тыл #

, түөлбэ. Хайыһар тайаҕын төгүрүгэ (хаарга тимирбэтин диэн тайах мас уһугар хаба ортотунан туорайдыы быһыта охсуһар эрэмиэн быалардаах уобуруччу баайыллыбыта)

Нууччалыы Опорное кольцо, обтянутое верёвками и привязанное к нижнему концу палки-трости для ходьбы по снегу на лыжах, чтобы палка не проваливалась в снег

  • Тайаҕым эмпэрэтэ түһэн хаалтын, хайдах билбэтэҕим буолла! Ср. эвенк. сэвгурээ, хэвгурэ ‘лыжная палка’

«Э» буукуба