Перевод с якутского
эмсэх
аат тыл
Нууччалыы рожок, соска
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
, эргэр
Муос эмсэх. Өрбөх эмсэх. Туҥуй ынах туматынан Тумуктаах эмсэҕинэн Ньуулдьаҕай, куччугуй бэйэбин Уһааран улаатыннарбыта. С. Зверев Кини [оҕо] аттыгар таҥас эминньэхтээх муос эмсэх таҥхалла сыппыта И. Никифоров
2 аат тыл #
Кыра оҕону эмнэрэн аһатар билиҥҥи суоска кэриэтэ оҥоһук
Нууччалыы Рожок, соска (для кормления)
3 аат тыл #
эминньэх диэн курдук. Баллыгынай маҥнайгы күннэригэр төбөтүн алын өттүнээҕи эмсэхтэринэн уу аннынааҕы үүнээйилэртэн тутуһааччы. ББЕ З
4 этии #
Этиилэр
Эмиий куурдар, эмсэх кээһэр оҕо көр эмиий
Мин ийэлээх аҕам буолуохсут Оҕонньордоох эмээхсин киэннэрэ, Айыыһыт атаарар, Иэйэхсит тэйитэр, Эмиий куурдар, Эмсэх быраҕар, Ньилбэк сойутар, Тоһоҕо тохтотор, Оһоҕос түгэҕинээҕи Оччугуй кыыстара. Күннүк Уурастыырап Богдьо Балбаара кыыһын сааһыран иһэн оҕоломмута: “Оһоҕос түгэҕинээҕи, эмиий куурдар, эмсэх кээһэр бүтэһик оҕом,” – диирэ. С. Маисов
Өссө холобурдар (1)
Ср. уйг. эмчэк, тат. имчэк, алт. эмчек ‘женская грудь; сосок’
5 #
Оҥорбут уйгутун апчарыйтаран, көлөһүннээһиҥҥэ, кыһарыллыыга, атаҕастабылга түбэспит киһи
Нууччалыы Тот, кто подвергается угнетению, притеснению, эксплуатации со стороны другого
Лээһэй баайдар Эмсэх гынан, Адьырҕа баайдар Аһылык оҥостон, Хамначчыт хараҕын уутунан Халыҥ хаһаламмыттар, Сордоох сүһүөҕүн уутунан Суон саалламмыттар С. Зверев
6 #
Кыһалҕа, санаа-оноо баттааһына, соро-муҥа
Нууччалыы Страдание, мучение от переживаний
Кини бандьыыттаабыт буруйун-сэмэтин боруостаан, кэлин бу учаастак төһүү үлэһитэ буолар. Ол да буоллар, санаа-оноо эмсэҕэр эмнэрэр. С. Федотов Ср. ДТС емгэк ‘мучение; тягость’