ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмсэхтээ

туохтуур

Нууччалыы кормить кого-л. через рожок, соску

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Оҕону, ньирэйи суосканан эбэтэр онуоха маарынныыр астаах тугу эмэ биэрэн эмтэр

Нууччалыы Кормить кого-л. через рожок, соску

  • Эмээхсин оҕоҕо эмсэх оҥорон киллэрбит эбит, онон эмсэхтээн үүт иһэртилэр, дьахтары бэйэтин сылаас уунан сууйдулар, ыраастаатылар.
    Н. Павлов
  • Ньирэйи буоллаҕына ыаммыт үүтүнэн аһатарбыт, илиинэн оҕолуу эмсэхтээн үүтү иһэрдэрбит. ПНИ ИС. Дьоҕус бытыылкаҕа оҕо суоскатын кэтэрдэн Токарев кыракый эһэлэрин үүтүнэн эмсэхтиирэ.
    ФВН КК

2 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ туох эмэ аһы баҕата ханарынан, дэлэччи сиэт; мааны аһылыгынан аһат

Нууччалыы Потчевать кого-л. деликатесами, угощать вдоволь

  • Өҥөй Бүөтүр кулубаҕа бэрт уһуннук сааламмыта, уһуннук кулубатын көтөр этинэн эмсэхтээбитэ.
    Далан
  • Эмньиктэрин этинэн эмсэхтээбиттэр, хаҥылларын атынан хаччы кэбиспиттэр, дохсуннарын көмүрүөтүнэн мохсуо кэбистэрэ оймоппуттар. ПЭК ОНЛЯ I
  • Сиэри таһынан аһыы утаҕынан, табах тардаргынан үлүһүй. Θ Поить, кормить кого-л. чрезмерно, в ущерб его здоровью. Төрөөбүт дойдубут сүмэһинин Ордорбокко супту обордулар Бэйэбитин уохтаах утаҕынан Эмсэхтээн акаары оҥордулар.
    НЛ

3 туохтуур #

Атын киһини көлөһүннээн, үлэтин түмүгүн босхо туһан, апчарый

Нууччалыы Подвергать кого-л. эксплуатации, извлекая пользу только для себя, присваивать результаты чужого труда

  • Ол ыһыаҕын иннигэр даҕаны, кэннигэр даҕаны, кини [саха дьадаҥыта] түһүлгэтин үрдүнэн да, аннынан да кинини бобо эрийэ сытан эмсэхтээн сиэн баҕалаах, баай аймах эриэн кыыл буолан, тымныы тумсунан сүрэҕин тигээри чолоҥнообута
    Суорун Омоллоон

4 туохтуур #

Олоххо киирбэти тылгынан эрэ оҥорбута буол, санааҕын эрэ аралдьыт, санааҕын эрэ манньыт

Нууччалыы Вынашивать, обдумывать, вращивать (напр., какие-л. планы, мысли)

  • Дьэ уонна хараҥа былаанын эмсэхтиирэ: “Эбэтэр мин, эбэтэр кини. Кини биһикки аргыстаһар кыахпыт суох”
    БТТ

5 этии #

Нууччалыы Соотв. дитя не плачет – мать не разумеет (букв. не дают груди младенцу, который не плачет). [Кууһума:] Тукаам, инньэ диэмэ, холкутаама

Этиилэр

Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр

бэйэҥ эппэтэххинэ, атыттар эн кыһалҕаҕын билиэхтэрэ, өйдүөхтэрэ да суоҕа Ытаабат оҕону ким даа эмсэхтээбэт.

  • Кырдьык, ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр диэн эмиэ баар. Олоххо ол да курдук ким кырдьыгынан-сымыйанан сатаан туруорсааччы өрүү ситиспит, ылбыт буолан иһээччи. Д. Кустуров

«Э» буукуба