Перевод с якутского
көрсүс
Нууччалыы столкнуться, неожиданно встретиться с кем-л
Ис хоһооно · 4
1 #
көрүс диэнтэн холб. туһ. Тутуллан турар тойоттор бэйэ-бэйэлэрин көрсүһэн кэбистилэр. Эрилик Эристиин. Кинилэр утарыта көрсүһэн саҥата суох турдулар. М. Доҕордуурап
2 #
Кими-тугу эмэ кытта утары түбэсиһэ түс
Нууччалыы Столкнуться, неожиданно встретиться с кем-л
Бэҕэһээ ол диэкиттэн биир киһини көрсүбүтүм. А. Софронов Кыыс таһырдьа ойон иһэн ааҥҥа уун-утары Хоборооһу кытта көрсүһэ түстэ А. Сыромятникова
3 этии #
Нууччалыы Встречаться с кем-л. лично
Сирэй (сирэй-харах) көрүс - тус бэйэтин көрүс, илэ бэйэтин көрүс Оксана бартыһааннары бэйэлэрин сирэй көрсүбэт, туох баар дьаһалларын -- бу курдук наар суругунан ылсара-бэрсэрэ.
Суорун ОмоллоонСирэй-харах көрсөн кэпсэтэ олорорбут буоллар, "Дьэ, маннык", - диэн баран көхсүбүн этитиэм этэ, оттон билигин икки туочуканы эрэ туруорарга тиийэбин. Т. Сметанин
4 этии #
Көрсүөххэ (көрсүһүөххэ) диэри - аныгыскы көрсүһүүгэ диэри (быраһаайдаһарга этиллэр) Үлэлээ, кыһан, кытаатан санааҕын эрэ түһэримэ. М. Доҕордуурап. "Көрсүһүөххэ диэри! - диибин. Эйиэхэ эрэнэбин Туйгуннук үөрэнэргэр". Т. Сметанин.
Нууччалыы До свидания. ¬- Чэ, тукаам, көрсүөххэ диэри!
Этиилэр
Күөн көрүс көр күөн
Мөлтөҕү-мөкүнү кытта Ким санаата кэлэн, күөн көрсүөй? И. Гоголев Начаалынньыктара Шавров курсаннары кытта бииргэ сылдьарын, күөн көрсөрүн, күрэс былдьаһарын таптыыра. Ф. Софронов