ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эпиир

аат тыл

Нууччалыы эфир

1 аат тыл #

Органическай холбоһук: ураты сыттаах, көтүмтүө дьэҥкир убаҕас (үксүгэр эмтээһиҥҥэ-томтооһуҥҥа, тиэхиньикэҕэ тут-лар)

Нууччалыы Эфир (как органическое соединение)

  • Эпэрээссийэлиир сири -- мыылалаах сылаас уунан кичэйэн сууйан баран ыраас салпыакканан сотон куурдуллар уонна ыраас испииринэн эбэтэр эпииринэн хас да төгүл сотуллар. НПИ ССЫа. Эпиирдэр үгүс араастаахтар, олортон дьиэҕэ-уокка туттуллааччылар аҕыйахтар. ХОДь. Кини учууталы кырабаакка сытыарда, айаҕын уонна муннун -- баатанан саба ууран баран, эпииринэн илитэн барда. А. Куприн (тылб.)

2 аат тыл #

Араадьыйа долгуннара тарҕанар салгын эйгэтэ

Нууччалыы Воздушное пространство как распространитель радиоволн, эфир

  • Чугаһынан араадьыйа-ыстаансыйалар тугу эпииргэ биэрэллэрин дьуһуурунайдар иһиллииллэр.
    Н. Якутскай
  • Арадьыыс В. Данилов аппараатын аттыттан арахсыбакка, уон биэс-сүүрбэ мүнүүтэ буола-буола, эпииргэ тахсара.
    А. Данилов
  • Вятка куорат, араадьыйата эпииргэ бастакы биэриини 1929 сыллаахха ыыппыта.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • "Күн Күндүйэһ, "Үөлэн Нүрүйэ" диэн олоҥхолоруттан өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа эпииргэ биэртэлээн турар
    ПДН ӨСДь

3 этии #

Нууччалыы Прямой эфир

Этиилэр

Аһаҕас эпиир

араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ эрдэ уһуллубакка быһаччы тахсыы Дириэктэр бүгүн аһаҕас эпииргэ тахсар

«Э» буукуба