ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эп

туохтуур

Нууччалыы добавлять

English (general, arithmetic) to add; to add

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Нууччалыы добавлять

English (general, arithmetic) to add; to add

  • иккигэ үһү эптэххэ биэс буолар
    два плюс три равно пятиtwo plus three equals five
I

2 туохтуур #

Туох эмэ төһө баарын таһынан эмиэ оннугу өссө биэр, уур, кут, оҥор

Нууччалыы Добавить что-л. к чему-л. в дополнение (напр., деньги), подкинуть (напр., дров), подлить (напр., суп)

  • Биир мөһөөхтө эп эрэ.
  • Эбэн кут. ПЭК СЯЯ. Түптэтигэр саҥа киини эптэ уонна баай тиит хойуу лабаатын анныгар көһөрдө. Софр. Данилов. Ньукулаас уотугар мас эбэн биэрдэ.
    С. Никифоров
  • Бырабыыталыстыба үбүлээһини хат көрөн, өссө икки сүүс тыһыынча солкуобайы эбэн туран, былыырыҥҥы курдук үс сүүс мөлүйүөн солкуобайы оннунан хаалларда
    Саха с
Өссө холобурдар (3)
  • Тугу эмэ элбэтээри, тупсараары баартан атыны өссө биэр, уур. Θ Дополнить что-л. чем-л., чтобы увеличить количество или улучшить качество (напр., кашу маслом). – Чэ, бар сиэ, чэй аҥаарын биэриэм. – Ээ, биир уонча муунта бурдукта эбээр, доҕор.
    Амма Аччыгыйа
  • Хааһытыгар үүт эптэ.
    Т. Сметанин
  • Таба этин минньитэр туһуттан сибиинньэ сыатын эбэллэр. БББ. Үрдүкү Сэбиэт Президиума бэйэтин ыйаахтарынан ССРС сокуоннарын уларытан уонна эбэн биэрэр
    СГПТ

3 туохтуур #

Тэтимҥин (хол., хаамыыга, сүүрүүгэ, үлэҕэ) түргэтэтэн биэр

Нууччалыы Увеличить скорость, темп (напр., в ходьбе, беге, работе). [Ат] сыыр тэллэҕэр тиийэн чугуулаан күдээритэн баран, сүүрэрин тэтимин эптэр эбэн, туох баар күүһүн муҥунан үс мас үүт бүтэйгэ кэтиллэ биэрбитэ

  • [Ыттар] иччилэрэ тиэтэппит саҥатын истэннэр, айаннарын эбэн биэрдилэр.
    Н. Заболоцкай
  • Ат дьонтон тэһииргээн өссө эбэн биэрдэ. Кулгааҕар тыал абарбыттыы куһуурбахтыыр.
    А. Сыромятникова
  • Уол дьагдьайан хаамыытын эптэ
    Куорсуннаах

4 туохтуур #

Этиллибити салҕаан, ситэрэн биэр

Нууччалыы Добавить к сказанному что-л., дополнить сказанное

  • Урукку олох хоһоонньуттара, Элбэх тылы эбэн Эгэлгэлээн этээччилэр, Толоос тойугунан Толорон тупсарааччылар, Тохтооҥ эрэ доҕоттоор!
    А. Софронов
  • Ол кэннэ: "Били модьууннаах Петьканы өйдүүр инигин? Бука диэн оҕолор барахсаттары кыһанан эмтээһ, – диэн эбэн эппит этэ.
    И. Федосеев
  • "Куһаҕана суох алҕасһ, – Яков эбэн биэрдэ
    М. Доҕордуурап

5 туохтуур #

Дьиҥнээҕиттэн улаатыннаран, омуннаан, бэйэҕиттэн кэҥэтэн, ордук-хоһу тылы туттан кэпсээ, саҥар

Нууччалыы Преувеличивать, приупрашивать, присочинять, добавлять от себя

  • Антах тиийэн төһөнү эбэн этэрин ким да билбэт.
    Суорун Омоллоон
  • Ылдьаа кыыһа тугу илдьиттээбитин бэйэтиттэн өссө эбэн, тоҕо-хоро кэпсээн биэрдэ.
    Н. Заболоцкай
  • Ордук сэргиир Уоһук оҕонньор, Элбэх сонуну кыбынан Илин, хоту ыалларынан Эбэн кэпсии, таһырдьа ойор
    Дьуон Дьаҥылы

6 туохтуур #

мат. Эбиитэ оҥор, төһөҕө эрэ төһөнү эрэ эбии аах

Нууччалыы Произвести сложение, сложить

  • Биэскэ алтаны эп.
  • Иккигэ үһү эп. ЯРС. Ыты-аты ырытартан Ыран-салҕан да бардым, Биэһи биэскэ эбэри Бэйэм бэркэ билэбин.
    Күннүк Уурастыырап
  • Өлөрбүт куобаҕын, хабдьытын тарбаҕынан ааҕа, эбэ, көҕүрэтэ, төгүллүү, түҥэтэ үөрэнэр.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Маҥнай аҕыс уон тоҕус уонна уон биир чыыһылалары холбууллар, ол кэнниттэн алта уон сэттэни эбэллэр. БАН
    А. Ср
  • ДТС йап ʽприкладывать, приклеиватьʼ, казах. сеп ʽподмога, поддержка, помощь, прокʼ
II

7 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, эй-, эл-, эп-, эр- диэн саҕаланар олохторго сыстар: эп-эймэҥнэс, эп-элэҥнэс, эп-эппэҥнэс, эп-эриэн

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на: эй-, эл-, эп-, эр-: эп-эймэҥнэс ʽплотно набитый множеством беспорядочно движущихся насекомых, животных, людей, кишмя кишащийʼ, эп-элэҥнэс ʽмельтешащий, мелькающийʼ, эп-эппэҥнэс ʽзапыхавшийся, судорожно хватающий воздух ртомʼ, эп-эриэн ʽпёстрый-препёстрыйʼ

  • Харахпар биир кэм туох эрэ эп-элэҥнэс. Киһи илиитэ, тарбахтар сарбаҥныыллар.
    В. Гаврильева
  • Көр ити, сиэрдийэҕэ дьирики оҕото тахсан, эп-эриэн бэйэтэ, хап-харанан чыпчылыйбакка көрөн олорор.
    Н. Павлов
  • [Дьиэҕэ] отчут, көс дьон ыга симсэн, Ээбиллэ үөрүн курдук Эп-эймэҥнэс.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Охторбут тиитин үрдүгэр олорор, адаарыйбыт уҥуох-тирии илиитинэн түөһүн туттубут, тыынара эп-эппэҥнэс.
    К. Симонов
  • Ср. кирг. эп ʽусиление к словам, начинающимся на э-ʼ
III

8 #

эп гын – эмискэ тохтоон хаал

Нууччалыы Вдруг перестать что-л. делать (напр., смеяться), прекратиться (напр., о дожде)

  • Бу түспүтүн кэннэ бу сир халарыктыы турара эп гынан хаалла. ПЭК СЯЯ. Самыыр эп гынан хаалла. ЯРС. Оҕолор күлсэн ньиргиһэн иһэн, ректор аана аһыллыбытыгар, сахсырҕаны таҥаһынан саба охсубут курдук, эп гынан хааллылар
    ХС

«Э» буукуба