Перевод с якутского
эппэҥнээ
туохтуур
Нууччалыы едва переводить дыхание, запыхаться; судорожно хватать воздух ртом
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
Үөһэ тахсан, ампаардаах киһи уҥуоҕун таһыгар тохтоон, биир кэм өрүтэ эппэҥнии турбута. Күннүк Уурастыырап Кэлин бэл тутуура да суох үһүс этээскэ эппэҥнээн тахсарыттан дьиктиргээбитэ Е. Неймохов
2 туохтуур #
Дириҥник тыын, аҕылаа, көбүөхтээ; тыын быһаҕаһынан тыын
Нууччалыы Едва переводить дыхание, запыхаться; судорожно хватать воздух ртом. [Эрдэлиир] Маайыс иннигэр киирэн кыайан саҥарбакка, өрө эппэҥнии турда
3 туохтуур #
Өрүтэ көбүөхтээ, дьалкылын, эҥсилин (уу ньуурун, долгуну этэргэ)
Нууччалыы Вздыматься, колыхаться, дыбиться, волноваться (о поверхности воды, волнах). [Оччугуй өрүс] тымныынан тыынна, үрүҥ сиэллээх долгуннарынан эппэҥнээтэ
Улуу Өлүөнэ эбэ хотун Ортотунан өрүтэ үллэҥнээтэ, Кытыытынан эппэҥнии долгуҥнаата. С. Васильев Байҕал биир кэм эппэҥниир, Биһиги эрдиибит элэҥниир. Эвен фольк