ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эпчиргэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы палка с расщеплённым концом куда вкладывается камень или что-л. тяжёлое для метания

1 аат тыл #

Биир уһуга хайытыллыбыт ураҕас (онно быраҕарга анаан тааһы эбэтэр ыйааһыннаах тугу эмэ кыбыталлар)

Нууччалыы Палка с расщеплённым концом куда вкладывается камень или что-л. тяжёлое для метания

2 аат тыл #

Быраҕарга сөп буолуох түбэһиэх туох эмэ (хол., мас, таас)

Нууччалыы Палка или какой-л. другой твёрдый предмет, предназначенный для броска или швыряния

  • Туллай суоһурҕанан эпчиргэ көрдүү таһырдьа ыстаммыта.
    И. Федосеев
  • Дьиэ бараанын, төһө да иччитэх турдар, ытыалыыр, бэл, эпчиргэнэн быраҕаттыыр – былыр-былыргыттан аньыы!..
    М. Тимофеев
  • Тииккэ моҕотой тахсар, уолаттар эпчиргэнэн тамныыллар. “
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Уурбатаҕым мин була сатаан Улуу Ленам кытылыттан оҕолорум ууга тамныыр куччугуй эпчиргэ таастарын. Эрчимэн. Ол олордохпуна иннибэр чугас эпчиргэ мас кулаһыйан кэлэн түстэ да, дэлби ыстанна. ВА. Эпчиргэ мас үөһэнэн кыырайдаҕына, моҕотой аллара түһэр. “
    ХС

3 даҕааһын #

суолт. Тугу эмэ быраҕарга аналлаах (хол., мас)

Нууччалыы Предназначенный для бросания, швыряния во что-л. (напр., палка)

«Э» буукуба