Перевод с якутского
эридьиэстээ
туохтуур
Нууччалыы разукрасить, расцветить что-л. мелкими подробностями, деталями
1 туохтуур #
Көнөтүнэн буолбакка, араастаан ойуулаа, эгэлгэлээ
Нууччалыы Разукрасить, расцветить что-л. мелкими подробностями, деталями
Суруйааччы бэйэтин геройун майгытын сыыйа-баайа, араас түгэннэргэ эридьиэстээн арыйар. Д. Васильева Бастаан утаа хоһоонунан ону-маны аҥаардастыы эридьиэстээн кэпсии сатыыра. ХС Сүүтүк итинник эридьиэстээн саныы олордоҕуна, ийэтэ киирэн ыҥыран таһаарбыта Чолбон
2 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., ылсыыны-бэрсиини) сурукка тиһэн, бэлиэтэнэн ис
Нууччалыы Составлять опись, письменный перечень, реестр чего-л. (напр., приход-расход)
Дьэ, тукаам, Куостаа, мин иэстээх-күүстээх, дайыымпалаах дьоммун барытын эридьиэстээ.
Суорун ОмоллоонОнно биир балык атыыһытыгар ылсыытын-бэрсиитин эридьиэстиир суруксут аатыран сылдьыбыта. Софр. Данилов. Эдэр учуутал Власов атыыһыт эргиэнигэр, суругун эридьиэстииригэр элбэҕи туһалыыр. Ойуку. Бүөтүр -- төһө булду туттарбытын кыбартаалынан эридьиэстээн болокунуотугар тиһэн иһэр ДӨАҮөКТ
3 туохтуур #
Тугу эмэ ырытан, сааһылаан биэр
Нууччалыы Разбирать, рассматривать, систематизировать что-л
Аркадий институт тиһэх сонунун эридьиэстээн, суруйан кэчигирэппит.
Н. ЛугиновХаһыат маҥнайгы салаатыгар үлэ түмүгүн эридьиэстиир уонна соруктары туруорар сыаллаах ыстатыйа киирбит Багдарыын Сүлбэ