Перевод с якутского
эридьиэстээһин
аат
аат
эридьиэстээ I диэнтэн хай. аата. Уус-уран ньыманы үөрэтэргэ айымньыттан көннөрү буллартарыы, уһултарыы, судургу эридьиэстээһин эрэ туһата кыра. ФНИ ТЛТКҮө. Тюркология бары боппуруостара кэлин кэмҥэ көннөрү эридьиэстээһинтэн тэҥнээн көрүүгэ, дириҥ ырытыыга киирэн эрэллэр. "Чолбон". Суруйааччы айымньытыгар аҥаардас оҥорон көрүү көстүүлэрин эридьиэстээһиҥҥэ эрэ охтубат, сүрүн болҕомтотун дьон сыһыаныгар уурар. "ХС"