ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эриличчи

сыһыат

Нууччалыы широко

1 #

сыһ

  • Сабыс-саҥа дьоҕус атах суола киэҥ-киэҥник эриличчи үктэнэн бара турда.
    Болот Боотур
  • Уол эркиҥҥэ токур-бакыр, эрийэ-буруйа сурааһыннары эриличчи тардыталаата
    ААС

2 #

Ырылхайдык, чуолкайдык көстөр гына

Нууччалыы Отчётливо, чётко

3 этии #

Нууччалыы Смотреть большими широко открытыми глазами

Этиилэр

Эриличчи көр

киэҥ хараххынан аһаҕастык, арылыччы көр Өндүрэй Бочуурап арбаҕар куударалаах баттахтаах, эриличчи көрбүт киэҥ харахтаах, саар тэгил уҥуохтаах. В. Протодьяконов. Киэҥник эриличчи көрбүт аҕамсыйа барбыт киппэ көрүҥнээх киһи мунньаҕы салайан ыыта олордо. И. Сысолятин. Мохсоҕол туох да буолбатаҕын курдук, ып-ыраас харахтарынан эриличчи көрөр. АИА-А КБ. // Хараххын быччат, быччаччы көр.

Смотреть выпученными глазами.

  • Дьэбирдик эриличчи көрбүт харахтаах хара бараан киһи уолга хара маҥнайгыттан тоҥуйдук сыһыаннаспыта.
    П. Аввакумов
  • Оҕонньорбут биһиги диэки сүр баҕайытык эриличчи көрбүтэ.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Кыыһыран эриличчи көрбүт эдэр киһи охсуохха айылаах бабыгыраабыта. "Чолбон"

«Э» буукуба