ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эриэккэс

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы чудный, прекрасный, редкостный

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Киһини умсугутар дьикти үчүгэй, кэрэ

Нууччалыы Чудный, прекрасный, редкостный

  • Чугас хатыҥҥа ырыа чыычаах көрү-нары хоһуйан эриэккэс ырыатын ыллаан эрэр.
    А. Сыромятникова
  • Дьэ, оннук оһуобайдаах үчүгэй, эриэккэс киһи биһи Эдьиий Марыынабыт. Өркөннөөх Өлөксөй. Биһиги Күбэйээнэ эмээхсин эриэккэс кэпсээнин мэктиэтигэр тыыммакка олорон истэбит.
    И. Данилов
  • Эриэккэс таас хайалар, киэҥ нэлэмэн хочолор бииртэн биир дьиктини, кэрэни арыйаллар
    КПИ УТДь
Өссө холобурдар (3)
  • Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат.
    Амма Аччыгыйа
  • [Константинов:] Бу дойду баар эбит, айылҕа эриэккэһэ барыта мунньустубут сирэ.
    С. Ефремов
  • Көтөр кынаттаах бииһин Көрдүм-биллим ини даа, Эйиэхэ тиийэр эриэккэһи Экчи быһа билбэтим
    Күн Дьирибинэ

2 даҕааһын #

Туох эмэ дьиктилээх, дьиибэ (киһини этэргэ)

Нууччалыы С причудами, чудаковатый (о человеке)

  • Киһини кытта сүгүн кэпсэппэт, эриэккэс майгылаах киһи
    СТКБТ
  • Биһиги дойдубутугар ахсынньыга-тохсунньуга маннык тибии буолара эриэккэс.
    В. Яковлев
  • Кыраньыыт хайаттан уонунан туонна ыйааһыннаах курустаал көһөҥөтүн булбуттара эриэккэс!
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Ол күтүр киһи хараҕар бэрт эриэккэскэ көстөрүн туһунан былыргыттан дойҕохтууллар
    И. Данилов

3 аат тыл #

Туох эмэ дьиктитэ, үчүгэйэ, кэрэтэ

Нууччалыы Что-л. редкостное, чудесное, прекрасное, прелесть, чудо

4 даҕааһын #

Биирдэ эмэ, дэҥҥэ буолар, дьикти көстүү

Нууччалыы Редкий, необычный случай, редкость

5 этии #

Нууччалыы Невыразимо прекрасный, неописуемо чудесный

Этиилэр

Көрөртөн да сүөргү, этэртэн да эриэккэс көр көр I

  • Иннилэригэр көрөртөн да сүөргү, этэртэн да эриэккэс көстүү арылла түстэ.

Этиэхтэн эриэккэс

киһи тылынан сатаан эппэт, ойуулаабат кэрэ, сиэдэрэй Арай көрбүтэ этиэхтэн эриэккэс, көрүөхтэн кэрэ кыыс оҕо олорор эбит.

  • Саха ост. I

«Э» буукуба