ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эриэннээ

туохтуур

Нууччалыы делать что-л. пёстрым, полосатым, цветным

1 туохтуур #

Тугу эмэ эриэн гын, эриэн буоларын курдук оҥор

Нууччалыы Делать что-л. пёстрым, полосатым, цветным

  • Остуолбалары үрүҥ-хара кыраасканан эриэннээн баран, сыыр хааһыгар туруораллара
    Н. Абыйчанин

2 туохтуур #

Мас (хол., сиэрдийэ) субатын алдьаппат курдук хатырыгын суор, кыс

Нууччалыы Тесать, обтёсывать (напр., жердь), не повреждая внутренний слой дерева

  • Дүлүҥ оҥорон эриэннии-эриэннии, -- биирдии сыарҕа буолар гына чөмөхтөөн иһэллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Оҕонньор сиэрдийэтин кэрдэн, эриэннээн симнэ. КН ПБ. Тутуу, оттук мас төбөтүн эриэннээн чөмөхтөөһүн, маһы саһааннаан тиэйии -- көдьүүһэ үгүс этэ
    Кыым

3 туохтуур #

Онон-манан эриэннэн, эриэн буолан бар (хол. хаар ууллан барыыта)

Нууччалыы Быть пёстрым, пестреть (напр., во время таяния снега)

  • Халдьаайы быардарын хаара улам хаптайан, сир эриэннээн, хараара сатаан эрэр.
    Н. Заболоцкай
  • Кус ордук үгэннээн кэлэр кэмэ, оттон манна сорох сир хаара эриэннии да илик
    Чолбон

«Э» буукуба