Перевод с якутского
умнаа
туохтуур
Нууччалыы подвергать первичной обработке
1 туохтуур #
, тутуу. Таҥастаа (үксүгэр тутуу маһын этэргэ)
Нууччалыы Подвергать первичной обработке (обычно о строительном лесе – очищать от сучьев, срубать верхушки и т. п.)
Тиити умнаа. Ким – Улуу хара тыаҕа Урут тахсан, Оскуола маһын кэрдэн, Умнаан, суоран күндүлүөх буолла. С. Васильев Уһук “Дьаарбаҥ” аттыгар, Умайбыт икки дьиэ аттыгар Умнаан, элбэх мас суорулунна, Уон дьиэ акылаата уурулунна. ХС
Өссө холобурдар (1)
Үс мас бүтэйи оҥорууга маһы кэрдэн, эриэннээн, барытын миэстэтигэр таһан, таҥастаан (умнаан) оҥоруу элбэх үлэнэн толоруллар ОМГ ЭСС
2 туохтуур #
Туох эмэ оҥоһугу ураннык нарылаа-чочулаа, тупсаран биэр
Нууччалыы Безукоризненно отделывать, обстругивать, окончательно обтёсывать какое-л. изделие
Уол киһи Умнаан оҥорбут Оһуор көмүс ыҥыырдаах. Күн Дьирибинэ. Ыстаал куһуогуттан собуокка массыына араас чаастарын, маһы, кумааҕыны уонна да атыны умнаан оҥорор инструменнары оҥоруохха сөп. ПАВ Ф-
3 этии #
Этиилэр
Ох курдук умнаа
ох курдук оҥор (оҥоһун), кустук курдук куоһаа (куоһан) диэн курдук (көр куоһаа II).
“Айыы аймахтара, Күн улуустара Кустук курдук куоһаан, Ох курдук умнаан, Айан-кэрдэн түһэрбиттэр үһү”, – диэбиттэрэ. Ньургун Боотур. Ох курдук умнуургут эбитэ буоллар, Кийиит курдук Киэргэтэргит эбитэ буоллар Билигин даҕаны Тардыстар талаһаҕыт, Миинэр миҥэҕит буолуом этэ! С. Васильев “Чэ кыыспытын Ох курдук умнаан, Кустук курдук куоһаан Биэриэххэ дуу, доҕор?” – диэтэ. “ХС”