ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оргунньук

аат тыл

Нууччалыы окалина, рассыпающаяся при обработке раскаленного металла

1 аат тыл #

Күүскэ кытардыллыбыт тимири балталыырга ыһыллар хах курдук сириэһин, тимир сааҕа

Нууччалыы Окалина, рассыпающаяся при обработке раскаленного металла (железа)

  • "Биирдэ бүтүн, дьэбиҥҥэ сиэппэтэх, дурба батаһы буортан хостоон ылбыттаахпыт, өр уокка сыппыт дуу, балталанын, хатарыллан баран туттуллубатах дуу бүтүннүү оргунньугунан бүрүллүбүт этэ, онон тимирэ илийбэккэ дьэбиннэрбэтэх", - диэн кэпсиир археолог Баһылайап.
  • Тоҕус болгуо оргунньуга. ПЭК СЯЯ. Устудьуоннар үгүс күөс эмтэркэйдэрин, тимир оргунньугун эҥини буланнар үөрүү бөҕө буолаллар
    ХС

2 аат тыл #

Ким эмэ ыраах удьуора, ыччата

Нууччалыы Потомок, отпрыск кого-л. (обычно знатных людей)

  • Мин бу да буолларбын былыргы киһи былата буолабын, урукку киһи оргунньуга буолабын. ПЭК ОНЛЯ I

«О» буукуба