Перевод с якутского
ыама
аат тыл
Нууччалыы молодь рыбы, личинки насекомых, приплод животных
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Балык, үөн-көйүүр эбэтэр кыыл төрүөҕэ
Нууччалыы Молодь рыбы, личинки насекомых, приплод животных
Дьараҕа мустар быыкайкаан балык ыамаларын тута сатыыра да, уон тарбаҕын быыһынан саккырыыллара. Далан [Кырса] ардыгар уон алтаҕа тиийэ оҕону төрөтөн ньырылатар. Эймэҥнэһэн элбэх ыама диэтэҕиҥ. И. Федосеев Ыран өксөччү тартарбыт тыһы бөрө уонна кини ыамалара – эдэр бөрөлөр – салааска тула үөмэхтэстилэр. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
Чыып [кутуйах] буор анныттан ханнык эрэ хомурдуостар ыамаларын булан ылбыта. В. Бианки (тылб.)
2 аат тыл #
Ким эмэ ыччата, төрүөҕэ
Нууччалыы Чей-л. потомок, отпрыск
Сатана бөҕө ыамата дэлэйин бэккиһиибин ээ. Тохсуолар дуу, үөдэн дуу.
Суорун Омоллоон"Биллэр дьон ыамалара эбиттэр, – дии саныыр. – Онно-манна тиийэн-түгэнэн, кинилэртэн киһи тугу да кистиэ суох". Н. Якутскай Ыамаларыҥ сыгынньах истэрэ кытара сылдьар И. Гоголев
3 аат тыл #
Үүнээйи силиһин самалык үнүгэһэ
Нууччалыы Отпрыск корневой
Биэ эмиийин уонна атын да үүнээйилэри силис ыамаларынан ууһаталлар. КВА Б. Кэйигэс уга ыамаларынан ууһуур. КВА Б. Ыт тылын силиһин ыамаларын уһуна биир квадратнай миэтэрэлээх сиргэ тоҕус уон миэтэрэҕэ тиийэр ЛИК СОТҮҮүТ
4 аат тыл #
сөбүлээб. Киһини (ордук оҕону, эдэр киһини) төрүттэринэн үөҕүү курдук туттуллар
Нууччалыы Бранное слово, обычно употребляемое в отношении ребёнка, молодого человека по их происхождению, отродье
Лобуох ыамата чолоҕор, оттон бэйикэй! Күннүк Уурастыырап [Михаил:] Эйиэхэ төрөппүт ийэҕинээҕэр, кырдьык иннигэр өлөн эрэр бырааккынааҕар ити туора топпут, кытарчы уойбут баай ыамалара ордук буоллахтара дии! С. Ефремов Ол иһин, тууһут Ньукулай ыамата туох аанньа буолуой М. Попов
Өссө холобурдар (2)
Төрүт киһи (ыал) төрүөҕэ, ытык киһи (ыал) ыччата (ыамата) көр төрүөх. Удьуор киһи урдуһа, төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыамата барахсан эбиккин. ПЭК ОНЛЯ III. Эн даҕаны Ытык ыал Ыамата буоллаҕыҥ, Төрүт ыал Төрүөҕэ буоллаҕыҥ.
П. ОйуунускайТөрүт киһи төрүөҕэ Ытык киһи ыамата Буолуо дии санааммын, Үтүө киһи истэҕэ диэммин Алта уонча сүүстээх остуол аһа Астаабытым таах хааллаҕа. Саха фольк